Библионочь-2026

Муус устар 17 күнүгэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн бэлиэтэнэр “Библионочь” аахсыйа 15 төгүлүн “Арассыыйа күүһэ – норуоттар сомоҕолоһууларыгар” диэн девиһынан ыытылыннf/
Тэрээһин биир түгэнинэн “С чего начинается родина” кинигэ быыстапката буолла – төрөөбүт дойдуга таптал, устуоруйаҕа уонна култуураҕа ытыктабыл туһунан айымньылар туруорулуннулар.
Литератураны сэҥээрээччилэргэ анаан викторина тэрилиннэ.

Кыттааччылар нуучча классиктарын уонна саха суруйааччыларын, айымньыларын тустарынан киэҥ билиилээхтэрин көрдөрдүлэр.

“Уран Иэйии” куруһуок кыттыылаахтара ыыппыт маастар-кылаастара олус интэриэһинэй буолла. Сатабыллаах уһуйааччылар көмөлөрүнэн ыалдьыттар бисертэн сомоҕолоһуу уонна дойдубутунан киэн туттуу бэлиэтин – Арассыыйа былааҕын оҥордулар. Маастар кылаас ыыппыт “уран иэйиилэрбитигэр” махталбытын тиэрдэбит.

Тэрээһиҥҥэ көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоммутугар барҕа махтал)