
Муус устар 22 күнүгэр 2026 сыллаахха биһиги нэһилиэкпитигэр, А.Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы култуура дьиэтигэр, Саха сирин бастакы дьахтар-баяниһын, талааннаах самодеятельнай композиторын, Саха култууратын үтүөлээх үлэһитин, Саха Республикатын “Гражданскай килбиэн” бэлиэтин кавалерын, Үөһээ Бүлүү улууһун ытык олохтооҕун Мария Игнатьевна Константинова сырдык кэриэһигэр анаммыт истиҥ уонна долгутуулаах ахтыы киэһэтэ буолла. Бу күн кини 98 сааһын туолуо этэ.
Тэрээһин Мария Игнатьевна олорбут дьиэтигэр бэлиэ мемориалга сибэкки дьөрбөтө ууруутуттан саҕаланна. Онтон салҕыы кулуупка көрсүһүү истиҥ, дьиэ кэргэннии быһыытынан ааста. Заалга Мария Игнатьевна олоҕун кэрэһэлиир ураты быыстапка тэрилиннэ, кини тус бэйэтин маллара сэрэнэн уурулуннулар: кэминэн саһарбыт ноталардаах уонна ырыа тыллаах тэтэрээттэр, илиинэн суруллубут бэлиэтээһиннэр, доҕотторуттан уонна коллегаларыттан кэлбит суруктар, ону таһынан кини саха култууратын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын туоһулуур наҕараадалар.
Киэһэ сүрүн чааһа биир дойдулаахтар тыл этиилэрэ буолла. Мария Игнатьевналыын үлэлээбит, бииргэ олорбут уонна доҕордоспут дьон бэйэлэрин ахтыыларын үллэһиннилэр. Кинилэр кэпсээннэригэр кини сүдү мусукаан эрэ буолбакка, олус сырдык, кэрэ дууһалаах, кэпсэтиилээх, үлэтигэр дьаныардаах, ирдэбиллээх, күннээҕинэн көрүдьүөстээх киһи быһыытынан көһүннэ. Хас биирдии тыл ис сүрэхтэн тахсар тапталынан уонна дириҥ ытыктабылынан толору буолла. Ону тэҥэ, киэһэни баян доҕуһуоллаах Руслан Егоров уонна кулууп художественнай салайааччыта Афансий Руфов ырыалара киэргэттилэр.
Слайд-шоуну көрүү ураты долгутууну үөскэттэ. Улахан экраҥҥа Мария Игнатьевна кыттыылаах сэдэх архыып хаартыскаларын уонна видеоларын көрдүбүт.
Киэһэ төрөөбүт дойдутун култууратын устуоруйатыгар сүдү киһи кэриэһигэр анаммыт тэрээһин быһыытынан ааста. Маннык көрсүһүүлэр биир дойдулаахтарбыт нэһилиэстибэтин харыстыырга уонна төрөөбүт култуурабытыгар тапталы кэлэр көлүөнэлэргэ тиэрдэргэ көмөлөһөллөр.
Тэрээһини кэлэн сэҥээрэн истибит, кыттыы ылбыт ытык Наммыт дьонугар барҕа махтал.






