
📝 Ытык Наммыт библиотекатыгар 2026 сыл муус устар 24 күнүгэр олохтоохтор диктант суруйдулар.

📚 Диктант суруйар түһүлгэлэр Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэх тэрилтэлэригэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи тэхникумҥа, О.Д. Фёдорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа, ону тэҥэ Тамалакаан библиотеакатыгар тэрилиннилэр.
⭐ Быйылгы диктант сүрүн тиэмэтэ — Георгий Константинович Жуков төрөөбүтэ 130 сыла. Кыттыылаахтар Кыайыы маршалын олоҕун, атын сүдү сэрии баһылыктарын туһунан уонна сэрии устуоруйатын суолталаах күннэрин туһунан ыйытыыларга хоруйдаатылар. 🇷🇺 Ыйытыылар туспа биир блоктара анал байыаннай эпэрээссийэ түбэлтэлэригэр ананна.
📝 «Кыайыы диктанта» — 25 ыйытыылаах тест, хоруйдарга 45 мүнүүтэ бэриллэр.
📅 Аҕа дойду Улуу сэриитин устуоруйатын билиини бэрэбиэркэлиир тест ахсыс төгүлүн ыытыллар.
👥 Бу ааксыйаҕа биһиги улууспут 586 олохтооҕо кытынна. 🏆 Кыайыылаахтар финалист дипломнарынан наҕараадаланыахтара.
💻 Диктант түмүгүн кэлин официальнай саайтка бэйэҥ личнай кабинеккар билиэххин сөп.

