
Биһиги Өрөспүүбүлүкэбитигэр ураты үгэс баар — хас сыл аайы Өрөспүүбүлүкэ күнүн иннинэ оскуола оҕолоругар анаан «Саха сирин бэлиэлэрэ. Мин — патриоппун» диэн киэҥ хабааннаах өй-санаа олимпиадата тэриллэн ыытыллар.
Быйыл муус устар 24 күнүгэр П.Н.Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатын библиотекатыгар «Саха сирин бэлиэлэрэ-2026» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада буолан ааста. Тэрээһин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сылын уонна Арассыыйа Федерациятыгар Норуоттар сомоҕолоһууларын сылын чэрчитинэн ыытылынна.
Олимпиадаҕа 2-7 кылаастартан 18 үөрэнээччи кытынна. Олимпиада Саха сирин устуоруйатын, географиятын уонна култууратын нэһилиэстибэтин хабар тест сорудахтарыттан, ону таһынан бүтүүтүгэр кыра сочинение суруйууттан турда. Үөрэнээччилэр төрөөбүт дойдуларын устуоруйатын уонна култууратын дириҥник билэллэрин, ону тэҥэ үгэстэри харыстыырга интэриэстээхтэрин көрдөрдүлэр. Айар сорудах чэрчитинэн оскуола оҕолоро патриотизм сыаннастарын уонна кыра дойдуларын кытары бэйэлэрин сибээстэрин туһунан тус санааларын эттилэр.
Кыттыбыт оҕолорго уонна кинилэр уһуйааччыларыгар махталбытын биллэрэбит! Кинигэни ааҕыҥ, дойдугутунан киэн туттуҥ🤗


