Бүгүн, ыам ыйын 5 күнүгэр, ытык Наммытыгар, Аҕа Дойду сэриитин кыттыылааҕа, Саха Сирин биллэр мелодиһа, самодеятельнай композитор Георгий Максимович Никифоров төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһиннэр нэһилиэк олохтоохторун, ыалдьыттары, оскуола оҕолорун уонна учууталларын түмэн, киэн туттар биир дойдулаахпытын кэриэстээтибит.
Киэһэбит үрдүк түгэнинэн Георгий Максимович Никифоров төрөөбүт дьиэтигэр өйдөбүнньүк дуоскатын үөрүүлээх арыллыыта буолла. Тэрээһиҥҥэ олохтоох оскуола оҕолоро уонна учууталлара, ыалдьыттар уонна уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Өйдөбүнньүккэ композитор олорон-үлэлээн, айан-тутан ааспыт олоҕун, үрдүк талаанын, Саха култууратыгар киллэрбит кылаатын сыаналыыр оҕолоро, чугас дьоно ахтар-саныыр сылаас тылларын эттилэр.
Тэрээһин маассабай кроһунан салҕанна, старт мелодист дьиэтиттэн бэриллибитэ, оттон финиш — нэһилиэк кулуубун таһыгар. Сүүрэ-хаама сылдьыахха, ып-ыраас күөх халлаан, тыала суох, сылаас сааскы ылааҥы күн бэркэ туран биэрдэ.
Кулууп саалатыгар Георгий Никифоров кыргыттара аҕаларын олоҕун-үлэтин кэрэһэлиир хаартыскалары, туттубут малын-салын, баянын, элбэх матырыйаалы түмэн истиҥ быыстапка туруорбуттара киэһэни олус киэргэттэ, үгүс болҕомтону тарта, сэҥээриини ылла.
Киэһэ «Эйэ-дьол ырыаһыта” диэн ааттаах улахан бырааһынньыктааҕы кэнсиэринэн салҕанна. Бастакынан, кыттыылаахтары уонна көрөөччүлэри композитор хос сиэннэрэ — Денис уонна Дамир Никифоровтар, ону тэҥэ Богдан Миронов эҕэрдэлииллэрин видеотын көрдүбүт. Оҕолор үтүө киэһэни баҕараннар, биллиилээх өбүгэлэринэн киэн тутталларын биллэрдилэр, көрөөччүлэри долгуттулар.
Көрөөччүлэр ураты болҕомтолорун мелодист хос сиэннэрин толоруулара тарта. Харбиннааҕы техническэй университет студена Антон Иванов Георгий Никифоров биллиилээх мелодияларын гитараҕа виртуозно толордо, оттон Дьокуускайдааҕы музыкальнай училище студена Богдан Казанов саксафоҥҥа оонньоон дьону үөртэ. Кинилэр толоруулара музыкальнай талаан көлүөнэнэн бэриллэрин уонна ыччат ортотугар ирдэбиллээх буоларын чаҕылхайдык туоһулаата.
Салҕыы, мустубут дьоҥҥо нэһилиэк баһылыга Александр Иннокентьевич Кардашевскай үөрүүлээх эҕэрдэ тылы эттэ, Георгий Максимович Никифоров саха музыкальнай култууратын харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга сыаната биллибэт кылаатын бэлиэтээтэ.
Кэнсиэргэ нэһилиэк олохтоохторо, ыалдьыттара көрдөөхтүк кытыннылар, талааннаах биир дойдулаахтарын ырыаларын, хоһооннорун толордулар.
Киэһэ үрдүк түгэнинэн бэлиэ музыкальнай инсталляция буолла: сыанаҕа хомуур хор тахсан Георгий Максимович аатырбыт ырыатын «Көтөн тахсыҥ, кыталыктар» толордо. Дьэ бу ырыаны, 1964 сыллаахха, олунньу тыйыс-тымныытыгар грузовой массыынанан Дьокуускай куоракка Саха театырыгар тиийэн “Исидор Барахов ыччата ыллыыр” диэн умнуллубат концертарыгар ыллаабыттара. Хорга ол устуоруйаҕа киирбит толоруу кыттыылаахтарын сыдьааннара ыллаатылар, бу көлүөнэлэр ситимнэрин уонна үгэстэргэ ытыктабылы көрдөрдө.
Бырааһынньык түмүктүүр аккордунан Георгий Максимович мелодиятыгар суруллубут «Эйэ-дьол иһин» ырыаны толоруу буолла. Композитор хос сиэннэрэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи “Аленушка” уһуйаан иитиллээччилэрэ, кырачаан Алена уонна Оля Спиридоновалар, солистарынан тахсан ыллаатылар, онтон бүтүн саала хордуун атахтарыгар туран, улуу мелодистка махтал уонна таптал биир күүстээх тыынынан бары бииргэ ырыаны толордулар. Бу долгутуулаах түмүк кыттыбыт бары дьон сүрэҕэр өргө дылы хаалыаҕа.
Ытыктыыр, киэн туттар биир дойдулаахпыт, буойун, мелодист, самодеятельнай композитор Георгий Максимович Никифоров 100 сыллаах үбүлүөйэ кини айымньытыгар ытыктабыл эрэ буолбакка, бүтүн нэһилиэккэ бырааһынньык буолла, дьону музыка, ахтыы уонна төрөөбүт дойдуга таптал тула түмтэ.















