
Бүгүн, ыам ыйын 7 күнэ – Үөһээ Бүлүү улууһугар Дьоруойдар күннэригэр анаан, О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотека “Дьоруой сардаҥата” диэн улуустааҕы акция арыйда. Акция чэрчитинэн улууспут бары библиотекаларыгар уонна музейдарыгар сарсыарда 10:00 чааска чүмэчи умаппыт түгэммит дьоруойдарбыт сырдык ааттара, кинилэр хорсун быһыылара хаһан да умнуллубатын бэлиэтиэҕэ.
Ол курдук, ытык Наммыт нэһилиэгэр, П.Н.Тобуруокап аатынан түмэл-уһааайбаҕа уонна М.С.Романов аатынан библиотекаҕа Арассыыйа Дьоруойа Алексей Рафаэлович Петров-Медведь уонна биһиги нэһилиэктэн анал байыаннай дьайыыга олохторун толук уурбут уолаттарбыт сырдык ааттарын үйэтитэн, кэриэстээн, ахтан-санаан аастыбыт.

