Үөрэх-билии уйата – үөрэппит оскуолам!

Ытык Наммытыгар, Анегина Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтигэр, ыам ыйын 6 күнүгэр, билиигэ-сырдыкка угуйар, үрдүккэ кынаттыыр, ситиһиигэ сирдиир тапталлаах оскуолабыт күнэ 18-с сылын буолан ааста.
Тэрээһин Арассыыйа, Саха Сирэ, Үөһээ Бүлүү гиминнэрин тураарын истииттэн саҕаланна, онтон оскуола оҕолорун хорун толоруутугар Оскуола гиминин иһиттибит. Оскуола директора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Егор Васильевич Ильин оҕолору, учууталлары, төрөппүттэри, ыалдьыттары эҕэрдэлээн туран тыл эттэ, махтал суруктары туттартаата. Оскуолаҕа өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлээбит,  Саха сиригэр үрдүк биhирэбили, ытыктабылы ылбыт, элбэх учууталы иитэн таһаарбыт  Анна Аркадьевна Тойтонова, Иван Геннадьевич Герасимов “Учууталлар учууталлара” бэлиэнэн наҕараадаланнылар. Салҕыы, быйылгы үөрэх дьылыгар бастыҥ үөрэнээччилэри, учууталлары, улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымнаах үрдүк ситиһиилэрдээх оҕолору үрдүкү сыанаҕа ыҥыран чиэстээһин ыытылынна. Эҕэрдэ кэнсиэр нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччилэрэ кытыннылар: “Дьүрүскэн” алын кылаас оҕолорун фольклор ансаамбыла (сал. Спиридонова С.С.), “Мичээр” алын кылаас оҕолорун үҥкүү ансаамбыла (сал. Петрова Т.А.), ВИА “НАШ” (сал. Ильин А.В., Николаева А.И.), “Сааскылаана” оҕо образцовай үҥкүү ансаамбыла (сал. Иванова С.И.).
Нэһилиэкпит ытыктанар, биллиилээх дьоммутун ааттарынан анал номинациялары оҕолорго, учууталларга чугас дьонноро, аймахтара туттартаатылар:
1. Математика учууталын Андрей Михайлович Кырджагасов аатынан “Надежда математики” номинация – Николаева Злата, 4 кылаас;
2. Алын сүһүөх учууталын, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайкатын Ирина Никитична Куличкина аатынан “Лучший выпускник начальной школы” номинация – Протодьяконов Давид, 4 кылаас;
3. Российскай Федерация үөрэҕириитин туйгуна Федора Гаврильевна Томская аатынан “Лучший ученик начальной школы” номинация – Егоров Айсен, 4 кылаас;
4. Бүлүүтээҕи педучилищены, колледжы араас сылларга бүтэрбит выпускниктар ааттарыттан “Лучший выпускник начальной школы” номинация – Игнатьев Денис, 4 кылаас;
5. Сардаана Ивановна Иванова “Бастыҥ үҥкүүһүттэр” номинацията – Егорова Кэскилээнэ, 7кыласс, Кисиляхова Виталина, Егорова Кэскилээнэ, Егорова Сандаара, 6 кылаас;
6. Ильиннэр дьиэ-кэргэн педагогическай династияларын аатынан “Ученик года” номинация – Тоногосова Диана, 10 кылаас;
7. Российскай Федерация үөрэҕириитин туйгуннарын, Саха Республикатын үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһиттэрин Иван Николаевич уонна Федора Кирилловна Харитоновтар ааттарынан “За успехи в изучении предметов естественного цикла” – Петров Вадим, 7 кылаас;
8. Строганов аатынан Российскай судаарыстыбаннай художественно-промышленнай академия преподователя Иннокентий Иннокентьевич Тюляхов “Золотые руки” бэлиэтэ – Харабынов Айтал, 9а кылаас;
9. 2025-2026 үөрэх дьылыгар үөрэх чааһыгар үрдүк ситиһиилэрин, оскуола олоҕор көхтөөх кыттыытын иһин, оскуола директорын аатынан “Гордость школы” анал бириэмийэ – Герасимова Карина, 9б кылаас;
10. 2025-2026 үөрэх дьылыгар култуура эйгэтигэр үрдүк ситиһиилэрин иһин Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, самодеятельнай композитор Мария Игнатьевна Константинова-Эдьиий Морууса аатынан “Талант года” номинация – “Дьүрүскэн” алын кылаас оҕолорун фольклор ансаамбыла;
11. Көҥүл тустууга Саха АССР спордун маастара, Манчаары оонньууларын хас да төгүллээх призера, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Валерий Афанасьевич Бырдакаров аатынан “Лучший спортсмен” анал аат – Васильев Эрхаан, 8 кылаас;
12. Үөрэххэ, үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрин иһин “Үс Кут” мебельнай компания директора Колодезников Манчаары Леонидович туруорбут “Будущий предприниматель” анал аата – Ван-Пой-Лин Надия, 11 кылаас;
13. 2025-2026 үөрэх дьылыгар үрдүк сатабылын, ситиһиилэрин иһин Нам орто оскуолатын 1974 сылга бүтэрбит кылаастарын салайааччылара Саха Сирин үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Кривошапкина Елизавета Денисовна уонна Саха Сирин муниципальнай сулууспатын туйгуна, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна Иван Николаевич Харитонов ааттарынан “Кылаас бастыҥ салайааччыта” номинация – Семенова Саргылана Максимовна, алын кылаас учуутала;
14. Саха Республикатын үтүөлээх рационализатора, “Ленин” уонна “Өктөөп революциятын” орденнарын, Саха Республикатын “Ытык Аҕа” бэлиэ хаһаайына, үлэ бэтэрээнэ, Павлов Спиридон Спиридонович аатынан “Хозяин земли” анал бэлиэ – Александров Петя, 9б кылаас;
15. 2025-2026 үөрэх дьылыгар үрдүк ситиһиилэрин иһин, Саха Республикатын үтүөлээх бырааһа Лидия Филипповна Корякина аатынан “За усердие в учебе” номинация – Протодьяконова Вилена, 9б кылаас;
16. 2025-2026 үөрэх дьылыгар үрдүк ситиһиилэрин, оскуолабыт аатын өрүү ааттата турарын иһин “Лидер года” бэлиэ – “Сааскылаана” оҕо образцовай үҥкүү ансаамбыла;
17. 2025-2026 үөрэх дьылыгар үрдүк ситиһиилэрин иһин, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна Валерий Алексеевич Явловскай аатынан “Лучший математик” анал бириэмийэ – Кондакова К.В., математика учуутала;
18. 2025-2026 үөрэх дьылыгар туйгун үөрэҕин, үөрэххэ-спортка үрдүк ситиһиилэрин иһин, оскуолабыт аатын улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа өрүү ааттата турарынан киэн туттан, тапталлаах оскуолабыт СААМАЙ СҮРҮН БИРИЭМИЙЭТЭ Саха норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап уонна РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Евгения Ноговицына ааттарынан “ЗНАК ОТЛИЧИЯ” бэлиэ – АВВАКУМОВА ЭМИЛИЯ, 11 кылаас;
19. 2025-2026 үөрэх дьылыгар үрдүк ситиһиилэрин иһин Ытык Нам нэһилиэгин дьаһалтатыттан “Ученик года-2026” анал бириэмийэ – Павлов Дина, 11 кылаас;
20. 2025-2026 үөрэх дьылыгар үрдүк ситиһиилэрин иһин Ытык Нам нэһилиэгин дьаһалтатыттан “Спортсмен года-2026” анал бириэмийэ – Саввинов Самир, 5 кылаас;
21. 2025-2026 үөрэх дьылыгар үрдүк ситиһиилэрин иһин Ытык Нам нэһилиэгин дьаһалтатыттан “Учитель года-2026” анал бириэмийэ – Марина Павловна Иванова, биология уонна химия учуутала;
22. Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуннарын, Саха Республикатын үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһиттэрин Василий Макарович уонна Нина Родионовна Саввиновтар ааттарынан “Стремление к идеалам” анал аат – Навконова Алина, 11 кылаас;
23. Нам орто оскуолатыгар араас сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбит убаастыыр, ытыктыыр күндү бэтэрээннэрбит ааттарыттан анал аат – Герасимов Иван Геннадьевич, труд учуутала;
24. Сэбиэскэй Сойуус, Арассыыйа, Саха Республикатын норуоднай артыыската Анегина Ильина-Дмитриева аатынан Нам нэһилиэгин сынньалаҥ дьиэтин үлэһиттэрин ааттарыттан “Грация” номинация – Григорьева Ираида, 11 кылаас;
25. 2025-2026 үөрэх дьылыгар үөрэххэ, араас таһымнаах научно-практическай конференцияларга үрдүк ситиһиилэрин иһин 2006 сыл выпускниктарын анал бириэмийэтэ – Павлова Дина, 11 кылаас;
26. Саха Республикатын үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Петр Михайлович, Российскай Федерация бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайката Галина Петровна, Дети Азии оонньуу международнай отделын начальнига Сардаана Васильевна Жендринскэйдэр ааттарынан “ЛУЧШИЙ ЗНАТОК АНГЛИЙСКОГО” анал аат – Аввакумова Виктория, 6а кылаас;
27. 2025-2026 үөрэх дьылыгар үөрэххэ, араас таһымнаах күрэхтэргэ үрдүк ситиһиилэрин, интернат олоҕор активнай кыттыытын иһин “Бастыҥ интернат иитиллээччитэ” анал аат – Романова Анжелика, 9б кылаас;
28. 2025-2026 үөрэх дьылыгар араас таһымнаах күрэхтэргэ үрдүк ситиһиилэрин, оскуолабыт аатын өрүү ааттата туралларын иһин Петр Николаевич Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатын коллектива туруорбут “Бастыҥ коллектив” анал аат – “Сааскылаана” оҕо образцовай үҥкүү ансаамбыла.

Оҕо саас биһигэ –
Оскуолам барахсан,
Улаатан бараммын
Умнуом дуо эйиигин.

Кыракый эрдэхтэн
Кэрэни-үтүөнү
Кэрэхсээн билэргэ
Кэскиллээн ииппитиҥ!