
Бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр 2026 сыллаахха, Ытык Наммытыгар ураты истиҥ уонна долгутуулаах киэһэ буолан ааста. Биһиги үтүөкэннээх ытык кырдьаҕас дьоммутугар, тыыл, үлэ бэтэрээннэригэр, сэрии сылларын оҕолоругар анаммыт үөрүүлээх тэрээһин буолла. Бу күн биһиги олохпут иннигэр киллэрбит сүдү үтүөлэрин, хорсун быһыыларын ахтан-санаан, махталбытын тиэрдии буолла.
Намнааҕы Анегина Ильина-Дмитриева аатынан сынньалаҥ дьиэтин саалатын П.Тобуруокап түмэл-уһаайбата оҕолор оҥоһуктарын быыстапката, сынньалаҥ дьиэтин коллектива кэрэчээн фотозоналара олус киэргэттэ, болҕомтону тарта. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар саллааттарбытыгар “Илииҥ сылааһын иҥэрэн сетканы баай” аахсыйабыт чэрчитинэн ыалдьыттар сетка өрсөн аастылар.
Эҕэрдэ тылынан Нам нэһилиэгин Аҕа баһылыга, СР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Александр Иннокентьевич Кардашевскай тэрээһини арыйда. Онто, улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Иван Егорович Чычахов уонна СР үөрэҕириитин туйгуна, Намтан төрүттээх, Петр Николаевич Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатын директора Егор Васильевич Ильин истиҥ эҕэрдэ тылларын эттилэр.
“Сааскылаана” оҕо образцовай үҥкүү ансаамбыла, “Сарыада” уонна “Кыталыына” үҥкүү бөлөхтөрө, «Намыына», ”Көмүлүөк” түмсүүлэр үҥкүүлэринэн, оскуола оҕолоро вальстаан көрөөччүлэри олус сэргэхситтилэр.
Мааны остуол тула мустубут аҕа саастаахтарбыт мичээрдии, олохторун араас түгэннэриттэн кэпсээн, бэйэ-бэйэлэригэр үтүө санааларын үллэһиннилэр, эҕэрдэлэстилэр.
Бу тэрээһин Ытык Нам дьаһалтата, олохтоохторо кырдьаҕастарын, бэтэрээннэрин дириҥник ытыктыылларын, кинилэр хаалларбыт үтүө үгэстэрин салгыылларын көрдөрдө. Маннык көрсүһүүлэр көлүөнэлэр ыккардыларыгар сибээһи бөҕөргөтөллөр, ыччаты төрөөбүт дойдуларын таптыырга, устуоруйаларын умнубат туһугар иитэллэр. Бүгүҥҥү ыам ыйын 8 күнэ Ытык Наммыт устуоруйатыгар өрүү истиҥник ахтыллар күн быһыытынан киириэҕэ. Кырдьаҕас дьоммут чөл туруктаах, дьоллоох олоҕу олороллорун туһугар өрүү кыһаллыахпыт, үтүө күннэри бэлэхтиэхпит.








Сүүрбэлээх огдообо ийэккэм
Мин аҕам сэриигэ өлбүтэ
Уот булкуур түөрт уон биир сыллаахха,
Биллэрии кэнниттэн кэлбитэ
Имиллэн эргэрбит суруга.
«Тыыннаахпын. Өлүөрбүн. Сотору
Тиийиэҕим! Уолчааным улааттын!»
Биллэрии сымыйа! Суруга
Кэллэ дии! Кэлиэ! — дии саныырым.
Оччоҕо ытыыры да билбэт
Оройкоон мас саалаах уол этим,
Ол кэмҥэ күннэтэ көстүбэт
Арыылаах килиэби көрдүүрүм.
Түүн аайы ийэккэм ытымра,
Сүүрбэлээх огдообо ийэккэм,
Уот курдук уоһунан ууруура
Сирэйбин-иэдэспин илитэн.
Үлэҕэ бараары түөһүгэр
Ол аҕам суругун уктара,
Хараастан, күүлэтин иһигэр
Өйөнөн, өр тохтоон ааһара.
Билигин хараҕым ууланар
Эмээхсин ийэбин аһынан:
«Эһэтин күлүгэ!» — диэн тахсар
Икки ыйдаах сиэнигэр ылларан.
Мин аҕам сэриигэ өлбүтэ
Уот кутаа түөрт уон биир сыллаахха…
Үйэ саас огдообо хаалбыта
Сүүрбэлээх эдэркээн ийэккэм!
П. Н. Тобуруокап





Оҕо сааһым
Сэрии…
Сэрии…
Сэрии…
Үнэн хааман күн диэки
Сыҕарыйан испитим
Ийэлээхпин бүдүк-бадык
Түүлүм курдук өйдүүбүн.
Оһох таһыгар ороҥҥо
Ийэм ыалдьа сытара
Аҕалаахпыт буоллар диэн
Айманарын истэрим.
Уокка оттор мас суоҕа…
Түөртээх бэдик, соҕотох эр
Хатырыктаан, мас сыыстаан
Оттубута буоларым.
Оччоҕуна…
Оокком дьэ
Абыраатыҥ диэхтиирэ.
Ордук астаах, таҥастаах
Отой суоҕа быһыыта
Барыбытын биир тэҥҥэ
Баттыыра ыар санаа
Ыалтан ыалга хонорбун
Умнубаппын, саныыбын
Төһө ханна ол курдук
Сылдьыбыппын билбэппин.
Арай биирдэ көрбүтүм
Бука бары үөрэллэр
Арыт эмиэ ытыыллар
Кыайыы! Кыайыы! – дэһэллэр.
Аны туран эмискэ аҕаларбыт кэллилэр
Буспут хаппыт бэйэлэрэ
Күлэ-үөрэ турдулар.
Ити күнтэн оҕо курдук
Күлэр оонньуур буолбутум
Ити күнтэн эйэ, көҥүл
Буукубатын аахпытым.
Адамов Валериан Куприянович