“Өйдөбүнньүк чүмэчитэ” бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа

Ыам ыйын 8 күнүгэр, Кыайыы скверыгар Улуу Кыайыы күнүн көрсө “Өйдөбүнньүк чүмэчитэ” аахсыйаҕа Ытык Наммыт олохтоохторо, чуолаан ыччаттарбыт кыттыыны ыллылар. Сыл аайы ыытыллар патриотическай аахсыйанан эҕэрдэ тылларын баһылык солбуйааччыта Валентина Афанасьевна Заболоцкая уонна Намнааҕы библиотека сэбиэдиссэйэ Анастасия Григорьевна Харлампьева эттилэр.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ хас биирдии дьиэ кэргэни таарыйбыта, бу паамытынньыкка, эһээлэрбит ааттара суруллан тураллар. Кинилэргэ сүгүрүйэн, махтанан туран, кыралыын-улаханныын чүмэчилэри ууруу буолла.

Аҕа дойду көмүскэлигэр тыыннарын толук уурбут буойуннарга – албан аат, суон сурах!
Ким да умнуллубат!
Туох да умнуллубат!