Сааскы ылааҥы күн, сарсыардаттан күннээх, буоларын курдук сааскы сытыы тыаллаах, бэртээхэй да күн үүммүт. Б.Тобуруокап аатынан түмэл уһаайба уонна Намнааҕы Н.С. Романов аатынан библиотека кыттыгас тэрээһин тэрийэн, барсыан баҕалаахтары түмэн, айылҕаҕа тахсыы. Тыйыс, уһун да уһун кыһыммыт кэннэ айылҕаҕа тахсар хас сахаҕа бары долгутуулаах, кэтэһиилээх.
“Тобуруокап ыллыга ыҥырар” диэн ааттаан, түмэл уһаайбаҕа мустан, айаҥҥа туруннахпыт дии. Былааммыт элбэх, таах дьаарбайыы эрэ буолбатах. Аара түмэл уһаайба үлэһитэ Саввинова Г.П. Тобуруокап ыллыгын туһунан ким, хаһан, хайдах туппутун, туох-хайа суолталааҕын туһунан кэпсээтэ. Онтон Аҕа Дойду сэриитигэр Кустаахтан хааннаах кыргыһыыга, сүр сүтүктээх сэриигэ барбыт дьоммутун, буойуттарбытын кэриэстиир монумеҥҥа ахтыылары истиҥник кэпсээбитин сэҥээрэн, сонньуйан иһиттибит. Намнааҕы библиотека сэбиэдиссэйэ көҕүлээһининэн Даркылаахха нэһилиэкпит эрэ буолбакка, оройуоммут, өрөспүүбүлүкэбит култууратыгар умнуллубат кылаат киллэрбит, сүгүрүйэр талааннаах дьоммут мэтириэттэрин иннигэр туран хомоҕой хоһооннорун иэйэн туран, истиҥник ааҕан аастыбыт. Бу, тылы талан таайан, сатабыллаахтык сааһылаан, наһаа да талааннаахтык таба наардаан, хомоҕойдук хоһуйан, бичийэн суруйбут дьоҕурдарын сөҕөртөн киһи салҕыбат эбит.
Кустаахха Василий Макарович Саввинов 1995 сыллаахха туруорбут өйдөбүнньүк сэргэтэ хас лабаата тус туһунан дириҥ ис хоһоонноох, суолталаах ураты оҥоһугун ахтан аастыбыт.
Улууспут биир биллэр бэйииэтин Пет Поликарпович Одорусов олоҕун, үлэтин туһунан иһиттибит. Уонна “Тыыннаахтар умнубат сыллара” ырыа туһунан А.Харлампьева кэпсээбитин иһиттибит.
Ким хайдах сатыырынан, кыанарынан, скандинавскай паалкалаах, мутук тайахтаах, суолбут И.Бараахап аатынан сопхуос түүлээҕи иитэн ааспыт Саһыл ферматыгар хааман тиийдибит.
Алааска киирээт көрдөххө сыспай сиэллээхпит, хороҕор муостаахпыт алаадьы төгүрүк күөл тула аа-дьуо мэччийэ сылдьаллар, күн сыламныыр сылааһыгар хонууга кулунчуктар утуйа сыталлар, соһуйан-өмүрэн күөлтэн аҕыйах кус көтөн тахсар…
Ээ, эбэһээт этэн, ахтан-кэпсээн ааһыахха наада: алааска киирээт “Бичийэ” хоһоонньуттар түмсүү биир талааннаах кыттыылааҕа, Розалия Тарасова “Миилкааа” диэн ыҥыраатын кугас эриэн тыһаҕас ыт оҕотун курдук сүүрэн кэллэ ээ. Бу истигэнин, көрөөччүтүн куолаһын билэрин. Сүүрэн кэлэн, ас-кэһии кэтэһэн салбанара баар ээ.
Бэсиэккэҕэ олорон чэйдээн, сэниэ эптэн, манна олорон ааспыт ыаллар тустарынан ахтыылары истэн, күлэн-үөрэн сэлэһэн, алаадьынан өтөхтөрү, алааһы айах тутан, күндүлээн, олус бэртээхэйдик сынньанан аастыбыт.
Онтон, дьэ, сыалбытыгар, соруммут сирбитигэр, туруору сыыр тухары ньургуһуннарынан тэлгэммит көбүөрүнэн киһи харыстаан, хаамыан да куттанар кэрэ сиригэр тиийэн кэллибит.
Галина Павловна аара кэлэн иһэн истибит тиэмэлэрбитигэр ыыппыт викторинатыгар Светлана Николаевна Мегежекская кыайан кинигэ бириис тутта. Ону тэҥэ, бары кыттыылаахтарга түмэл-уһаайбалар кинигэ бэлэх туттардылар. Тобуруокап “хатыыстаах ыскамыайкатыгар” кэрэчээн салама ыйанна.
Төннөн кэлэрбитигэр, тобулбут соруккутун ситтигит, мин да туран биэрдим диэбиттии халлааммыт тобурах тобугуратан ылла.
Көтөр, чыычаах арааһын чыыбыгыраһар ырыата, саҥа тыллан эрэр мутукча дьэрэкээн күөҕэ, хас лабаатыгар ыйанан турар дьэҥкир хааппыла хатыҥ уута, кустукпут бары өҥүн уоппут кэрэчээн ньургуһуннар, аргыый наллаан уста сытар Бүлүү эбэбитигэр муус кылыгырыыр тыаһа… барыта алыс да кэрэ…
Махтанабын бу күнү атаарсыбыт, тэрээһиммитигэр кыттыыны ылбыт Ытык Намым олохтоохторугар.
Эһиил саас көрсүөххэ диэри, ньургуһуннар..



























