Библиотекаҕа #СИЛАКНИГИ ааксыйа чэрчитинэн көрсүһүү буолла

Библиотека эдэр ааҕааччылара долган норуотун бэрэстэбиитэлэ Ирина Ивановна Беттууну кытта көрсүстүлэр. Көрсүһүү норуот үгэстэрин уонна култууратын туһунан билиһиннэрэр кэпсэтии быһыытынан ааста.

Ыалдьыт оҕолору хотугу норуот ускуустубатын кытта билиһиннэрдэ, муҥутуур кэрэ долган ойуулардаах оҕуруоттан тигиллибит оҥоһуктары көрдөрдө. Саамай өйдөнүмтүө түгэнинэн долган тылынан хоһооннору ааҕыы буолла: Ирина Ивановна айымньылары бэйэтэ аахта, онтон оҕолорго бу сэдэх тылынан тыллары саҥаран көрөргө этии киллэрдэ. Оҕолор улахан сэргэхсийиинэн ылынан долгаанныы ааҕан көрдүлэр.

Тэрээһин кыттыылаахтарга Хотугу дойду култууратын туһунан саҥаны билэллэригэр эрэ буолбакка, дьону сомоҕолуур «кинигэ күүһүн» уонна тыыннаах тыл дьайыытын биллэргэ кыах биэрдэ.