Ытык Наммыт куоластыыр

Сэтинньи 6 күнүгэр, А.Е.Ильина-Дмитриева аатынан культура сынньалаҥ дьиэтигэр кэлэр 2027 сылга “Олохтоохтор инициативаларын өйүүр программа” (ППМИ) чэрчитинэн  өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бастыҥ бырайыактары талыыга кыттыы туһунан нэһилиэк уопсай мунньаҕа буолан ааста.  

Мунньаҕы ытык Наммыт баһылыга Александр Иннокентьевич Кардашевскай иилээн-саҕалаан ыытта. «Олохтоох инициативалары өйүүр программа» (ППМИ-2027) туһунан сырдатта.

Быйылгы куоластааһыҥҥа икки бырайыак киирдэ: “Сэрии уонна өрөбөлүүссүйэ албан аатын скверин тупсарыыта” уонна “А.Е.Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтин олбуорун оҥоруу”.

Куоластааһыҥҥа 148 киһи кыттыбытыттан баһыйар үгүс куолаһынан “Сэрии уонна өрөбөлүүссүйэ албан аатын скверин тупсарыыта” бырайыагы таллылар. Баһылык А.И.Кардашевскай  скверга Руф Кардшевскайга бюст, тупсарыы, саҥардыы үлэтэ барыахтааҕын кэпсээтэ. Бу сквербытыгар инникитин нэһилиэк культурнай-массовай уонна патриотическай тэрээһиннэрэ ыытыллыахтара диэн санаанан олохтоохтор бу бырайыагы өйөөтүлэр.

Ону тэҥэ бу бырайыагы олоххо киллэриигэ нэһилиэнньэ өттүттэн утары үбүлээһин кээмэйин, бырайыагы олоххо киллэриигэ үлэлиир бөлөх састаабын мунньах кыттыылаахтара куоластааһынынан быһаардылар.

Бу курдук нэһилиэкпит олохтоохторо «ППМИ — 2027» чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ бастыҥ бырайыактарын талыыга көхтөөхтүк кыттарга быһаардылар.