Солотуураптыы суруйуу

Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера,

Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ

Н. Г. Золотарев – Якутскай төрөөбүт күнүгэр ананар

«СОЛОТУУРАПТЫЫ СУРУЙУУ» балаһыанньа

Сыала-соруга: Саха сирин норуодунай суруйааччыта Н.Г. Золотарев – Якутскай олоҕун, айымньыларын ааҕарга көҕүлээһин.

Ыытыллар кэмэ: сэтинньи 20 күнэ 2026 сыл

Ыытыллар миэстэтэ: библиотекаларга, оскуолаларга тус кэлэн кыттыы

Кыттааччылар: сааһыттан, идэтиттэн уонна үөрэҕиттэн  тутулуга суох баҕалаах барыта кыттыан сөп.

Тэрээһин торума:

  • суруйуу тиэкиһэ Н. Г. Золотарев – Якутскай айымньытынан ыытыллар (16 саастарыгар диэри оҕолорго туспа, улахан дьоҥҥо туспа тиэкис)
  • көппүт тыллары сөпкө суруйбут кыттааччыга (1-2 сыыһаҕа) Добун суругунан бэлиэтэниэхтэрэ, бары кыттааччыларга Туоhу сурук туттарыллыаҕа.
  • суруйууну бэрэбиэркэлиир дьону тэрийэр бөлөх миэстэтигэр быһаарар, аныыр.
  • кыттааччылары бэлиэтиир лиис, тэрээһин түмүгүнэн боротокуол толоруллар уонна Харбалаах нэһилиэгин библиотекатыгар электроннай почта аадырыһыгар vvlib_5@mail.ru ыытыллар.
  • Суруйуу саҕаланыытыгар ыытааччы суруйуу быраабылатын билиһиннэрэр.

Быһаарыы: Көппүт тыллары кэпсээн ис хоһоонунан сөпкө суруйар, көппүт тыллар тиэкис аллараа суруллар сылдьар, талан ылан туруоран биэрэллэр.

Кыттыы туһунан биллэриини (заявканы) сэтинньи ый 19 күнүгэр диэри 89142681237 нүөмэргэ (Николаева Рузанна Ахмедовна, Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотекатын сэбидиссэйэ) МАХ нөҥүө суруйан ыытыаххытын сөп.

Тэрийээччилэр: Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката, Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолата, И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлэ

Нам олохтоохторо, ыалдьыттара! Актыыбынай кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабын!