«Чолбон» колхуос бэрэссэдээтэлэ Егоров Алексей Семенович

Алексей Семенович Егоров Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр сэрии  сылларыттан уһулуччу үчүгэй көрдөрүүлээх «Чолбон» колхуоһу салайан, Бурдуктаах Нам, Ытык Нам дэттэрбит, улууска бастакыннан “Ленин” уордьанын ылбыт чулуу киһибит буолар.

Алексей Семенович Егоров 1904 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһугар I Хоро нэһилиэгэр Дьоойоолор (Егоровтар) диэн ыалга төрөөбүтэ. Аҕата Семен Егорович Егоров айылҕаттан айдарыылаах эмчит. Саха сирин устуоруйатыгар кылаат киллэрбит киһи буолар, ол курдук кини 1886 сыллаахха миэтэрэттэн ордук далааһыннаах бөдөҥ уҥуоҕу булбут. Ол кэлин биллибитинэн былыргы бизон төбөтө эбит. Бүлүү уокуругун ыспыраабынньыгар тиийэн булумньутун Иркутскай куорат музейыгар ыытарга көрдөспүт. Ол ороскуота улахана бэрдин иһин, уҥуоҕу Дьокуускайга хаалларбыттар. Ити түгэн  Саха сиригэр музейы тэрийэргэ төрүөтүнэн буолбут уонна 1891 сыллаахха музей арылларыгар 1-кы нүөмэрдээх экспонат диэн бигэргэтиллибит. Ем. Ярославскай ааатынан музей дьаралыгар ити бизон төбөтүн уҥуоҕа ойуулана сылдьар. Сэмэн эмчит, бэтэринээр, тойуксут, олоҥхолоон да көрөр эмиэ биир дьон убаастабылын ылар киһи эбит.

Ийэтэ Александра Герасимовналыын, 1  кыыс, 4 уол оҕоломмуттара: Ирина, Иван, Иона, Алексей, Иннокентий. Бары «Чолбон» колхуоска үлэлээбит туруу үлэһит дьон.

Алексей Егоров ийэтин, аҕатын, быраатын кытта олороллор.

Алексей Семенович КПСС чилиэнин учуотнай карточкатыгар суруллубутуттан көрдөххө оскуолаҕа үөрэммэтэх, бэйэтэ ааҕарга суоттуурга үөрэммит. 27 сааһыгар дылы төрөөбүт дойдутугар Хороҕо олорбут.

1931 сыллаахха Хороҕо колхуоска киирбит, бэрэссэдээтэллээбит;

1932-1935 сылларга дьонун кытта Намҥа көһөн кэлэн «Чолбон» колхуоска киирбит;

1935 сылга Ньурбаҕа МТС тырахтарыыстарын куурустарыгар үөрэммит;

1935-1939 сс. МТСка тырахтарыыстар биригээдэлэрин салайбыт; сир оҥоруутугар үрдүк көрдөрүүнү ситиһэн, 1938 сыллаахха Саха АССР Верховнай Сэбиэтин депутатынан талыллыбыт.

1939-1941 сс. Райпотребсоюз заготконторатын инспекторынан,  директорын солбуйааччытынан үлэлээбит;

1941-1953 сс. «Чолбон» колхуос бэрэссэдээтэлэ Иванов Лазарь Герасимович сэриигэ барбытыгар, үлэлии киирбит уонна 12 сыл устата улуус биир бас-көс колхуос күүрээннээх, таһаарыылаах үлэтин салайбыта.

«Чолбон» колхуос сэрии кэмигэр үлэтин көрдөрүүлэрэ   

Бэрэссэдээтэл Алексей Егоров «Кыым» хаһыат 1946 с. олунньу 6 күнүнээҕи нүөмэригэр “Өссө байылыат буолуохпут” диэн ыстатыйата тахсар. Манна кини 1945 сыл түмүктэрин этэр: “120 хаһаайыстыба, 640-ча сүөһү, онтон сылгыта – 284. Туорахтаах культура – 350, хортуоппуй – 22, хаппыыста – 3, турнепс – 4, табаах – 1,5 га ыһыллыбыт. Былаан таһынан үүнүү, эт-үүт ылыллыбыт буолан колхозтаахтар үгүөрү дохуот ыллылар диир. Ол курдук, биир үлэ күнүгэр 4 кг бурдук, 5 кг хортуоппуй,  2 кг хаппыыста, 125 г эт, 31 г арыы, 35 г табаах, 12 кг от уонна харчыннан аахсыбыттар. Өрөбүлэ суох хараҥаны ыпсарар үлэлээх колхозтаахтар доруобуйаларын бөҕөргөтөргө диэн сынньалаҥ дьиэ арыйбыттар, манна 10 күн сынньанан тахсаллар эбит. Үчүгэй аһылыкка 1300 г ыйааһыннара эбиллэн тахсар диир. Күннээҕи аһылыктарыгар эт – 600, арыы – 150, сыа – 50 грамм, ыаммытынан үүт 1 кг уонна атын бэйэлэр үүннэрбит бурдуктарын, оҕуруоттарын аһын төһөнү кыайалларынан аһыыллар эбит. Аны туран колхозтаахтар бары кэтэх сүөһулээхтэр, 2-5 дылы төбө ынахтаахтарын, көлө аттаахтарын уонна ыанар биэлээхтэрин ыйар. Бу колхозтаах үчүгэй аһылыктаах, доруобай буоларыгар отой наадалаах эбит диир.

Егоров А. Өссө байылыат буолуохпут / А. Егоров // Кыым. – 1946. –  Олунньу 6 күнэ. – С. 3.

Бурдугу хомуйуу: 1941 сылга 187 цн., 1942 с. – 206 цн., 1943с. – 220 цн., 1944с. – 245 цн., 1945с. – 228 цн. туттарары ситиспитэ. Онон дойду оборонатын фондатыгар : 1942 с. –  99,5 цн., 1943 с. – 70 цн., 1944 с. –  87 цн., 1945 с. – 96 цн. үчүгэй хаачыстыбалаах бурдугу туттарбыта.

Онтон хортуосканы туттарыыны маннык сыыппаралартан көрөбүт: 1941 с. – 55,39 цн., 1942 с. – 64,7 цн., 1943 с. – 68 цн., 1944 с. – 66 цн., 1945 с. – 70 цн. туттарбыт.

Үүтү государствоҕа туттарыыны “Чолбон” колхоз сылын аайы аһара толорору ситиспитэ. Сэрии бүтэһик сылларыгар үүт тутар пууҥҥа 150 000 литр үүтү уонна аҕыйаҕа суох эти туттарбыта бэлиэтэнэр.“Чолбон” колхоз колхозтаахтара 1940 сылга 1 үлэ күнүгэр 67 харчыны, 310 грамм бурдугу, 243 грамм оҕуруот аһын үллэстибиттэрэ. Сылтан сыл аайы колхозтаахтар ылар дохуоттара улаатан испитэ. 1943 сылга 1 үлэ күнүгэр 4 солкуобайы, 3,2 кг бурдук, 845 грамм оҕуруот аһын ылбыттара. 1945 сылга 1 үлэ күнүгэр 3,6 кг бурдук тиксибитэ.

Ол курдук, доярка Матрена Ивановна Иванова дьиэ кэргэнэ 1266 үлэ күнүн аахсан 3167 солкуобай харчынан, 1838 кг бурдугу, 15 432 кг оту, 104 кг эти, 43 кг арыыны дохуотугар ылбыт.

Онтон холкуос атын сэбин, сыарҕаны, тэлиэгэни оҥорооччу туруу үлэһитэ Яков Тельбиров бары дьиэ кэргэттэрин кытта 4750 кг бурдугу, 21 кг арыыны, 1740 кг хортуоппуйу, хаппыыстаны, 590 цн. оту, 4450 солкуобай харчыны дохуотугар аахсыбыта.

Сэрии саҕана атын оройуоннартан, нэһилиэктэриттэн аччыктаан быстарбыттар, сэрии аас-туор олоҕор кыһарыттарбыттар, барар-кэлэр сирдэрэ суох буолбуттар бары Намы булаллара. Биирдии ыалга иккилии-үстүү ырбыт, аччыктаабыт дьон хоноро. (Бу кэмҥэ “Чолбон” колхуоска 120 хаһаайыстыба баара). Сорохторо ол саҕаттан баччааҥҥа диэри олохсуйан, Нам дьоно, ыала буолан олороллор.

Күүрээннээх үлэ түмүктэрэ

1946 с. Муус устарга Саха республикатын тыатын хаһаайыстыбатын бастыҥнарын сүбэ мунньахтарыгар ыҥырыллыбыта, онно эппит этиитин “Кыым” хаһыакка бэчээттэбиттэрэ. 1947 сыллаахха «Чолбон» колхуос үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаламмыта.

     ССРС Верховнай Советын Президиума Саха Республиката 25 сыла  буоларынан сибээстээн, 1947 сыл бэс ыйын 27 күнүнээҕи ыйааҕынан Үөһээ Бүлүү оройуонугар бастакыннан “Чолбон” колхоз бэрэссэдээтэлэ Егоров Алексей Семенович “Ленин” орденынан наҕараадаламмыта.

  Сэрии кэмигэр тыылга үлэлээбит колхуостаахтар уопсайа 121 киһи «1941-45 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин», норуокка “Сталин” мэтээлинэн наҕараадаламмыттара.

Саҥа сайдыылаах олоҕу тэрийии

1949 сыллаахха атырдьах ыйыгар Туобуйа нэһилиэгэр Афанасий Саввинов уонна Степан Васильев Үлэ Дьоруойдара буолбут үрдүк наҕараадаларын туттарар делегацияҕа Москваттан ССТА фотокорреспондена Лев Михайлович Портер кэлбит. Ардаан, суоллара табыллыбакка хаайтарбыт кэмнэригэр, Намҥа «Чолбон» колхуостаахтарын, кинилэр үлэлэрин хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиппит. Алексей Егоров дьиэ кэргэнин кытта түспүт хаартыската Бүтүн Сойуустааҕы халандаарга бэчээттэнэн тахсыбыт. Бу хаартыскалар киинэ курдук сороҕо постановочнай хабааннаах буолан баран, чахчы элбэх бурдук үүммүтүн, элбэх тутуу барарын, уот киириитин, колхозтаахтар үлэлэрин, кинилэр мэтээллэрин кэтэн үөрбүт-көппүт, арыт симиттибит сирэйдэрин арылыччы көрдөрөр.

Бииргэ үлэлээбит доҕоро Докторов Софрон  Егоров Алексей Семенович ситиһиилээх үлэтин төрүөттэринэн манныгы этэр:
1) Ыал аҕа баһылыга – председатель хайдах үлэлиириттэн колхозтаахтар материальнай олохторо тутулуктанарын өйдүүрэ;
2) Үлэннэн үбү-харчыны эргитэн киллэрэр, рынок сүрүн элеменнарын олоххо, колхоз үлэтигэр киллэрбитэ;
3) Колхозтаахтарын кытта уопсай тылы булара, колхоз аарыма ытык кырдьаҕастарын санааларын табара;
4) Аатырбыт атыыһыттар Боһуут, Расторгуев, Потапов атыылыыр ньымаларын үтүктэрэ, олор хайдах айаны тэрийэллэрин, төһө киэҥ сибээстээхтэрин, төһө агеннаахтарын билэ сатыыра. Алданынан, Дьокуускайынан, Өлүөхүмэнэн эргиэни тэрийэрэ, этин-үүтүн, арыытын, балыгын, табаҕын харчыга туруорара. Колхоз тас эргиэнин боппуруостарынан дьарыктанар, үөрүйэхтээх, идэтийбит, сытыы-хотуу, киириилээх-тахсыылаах, үчүгэй имигэс тыллаах ылгын уолаттарын сөпкө аттаран туруорара;
5) Сир ийэ барахсан киһи эрэйин-көлөһүнүн төлүүр диэн сүрүн болҕомтотун сир үлэтигэр уурара. Бөдөҥ хаачыстыбалаах сиэмэни үүннэрэн туттарарга элбэхтик үлэлэһэрэ, үрдүк хаачыстыбалаах сиэмэ элбэх харчыга туран дохуот үрдүүрэ;
6) Саха киһитэ сайын тиритэ-хорута үлэлээтэҕинэ эрэ үптээх-астаах буолар диирэ. Онон сайын колхозка туох баар киһи, кырдьаҕастыын-эдэрдиин, оҕолуун-уруулуун үүнээйи көрүүтүгэр-истиитигэр, хомуурга үлэлииллэрэ;
7) Сиэмэ уонна киһи сиир бурдугун уҥуоргу колхозтарга окко, сүөһү аһылыгар атыылыыллара. Хардарыта ночоото суох атастаһаллара;
8) Колхозтаахтар колхозка үлэлээбит эрэйдэрэ тиллэр буолан, харса суох үлэлииллэрэ. Бурдугу, оҕуруот аһын, эти-арыыны, үбү-харчыны ким төһө элбэхтик үлэлээбитинэн аахсаллара;
9) Колхозтаахтар доруобуйаларын бөҕөргөтөллөрүгэр Сынньалаҥ дьиэтэ диэн астарбыт уонна кэтэх сүөһүлээх буолалларын ирдиирэ.
Сячиков П. “Чолбон” колхуос чулуу дьонноро / П. Сячиков // Эдэр большевик. – 1951. – Балаҕан ыйын 7 к. – с.3

Егоров Алексей Семенович үтүө аатын хараардыы

1953 сыллаахха «Кыым» , тохсунньу 29 к., №24  хаһыатыгар Г. Григорьев  «Дуйдаах киһи» диэн фельетону холуннаран, ыыстаан суруйбута. Бу кэмнэргэ маннык хаһыат нөҥүө дьону холуннаран суруйуу үөдүйбүт кэмэ этэ. Партия таһаарар хаһыатыгар сымыйаны суруйдугут диэн утары аны этиллибэт кэмэ. Иннэ гынан бу таһаарыылаахтык үлэлии олорбут колхуос салайааччытын бэрэссэдээтэлиттэн уурайан, боростуой колхуостаах буолар, туох да буруйа суох “Чолбон” колхуостаахтара эмиэ ыыска бараллар, ааттарын уларытан “Маленков” аатынан колхуос буолаллар.

    Алексей Семенович 1954 сылтан Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр маслопром инспекторынан, 1955 с-1958 с.. Хороҕо МТФ сэбиэдиссэйинэн, бэрэссэдээтэли солбуйааччыннан, 1958-1969 сс. сопхуос рабочайынан үлэлиир. 1969 сылтан персональнай пенсияҕа тахсар, 5 сыл Үөһээ Бүлүүгэ сельпоҕа рабочайдыыр. 1981 сыл сэтинньи ыйыгар олохтон туоруур, кэриэс этиитинэн тапталлаах колхуоһугар “Чолбоҥҥо» Намҥа көмүс уҥуоҕун көтөҕөллөр.  

Үйэтитии

     1994 сыллаахха “Саха сирэ” № 161 (760), атырдьах ыйын 27 к. нүөмэригэр бииргэ үлэлээбит үөлээннээҕэ, колхуос агронома Софрон Докторов «Үтүө аата тиллиэхтээх» диэн ыстатыйата тахсыбыта. «Сэрии ыарахан кэмигэр этэҥҥэ үлэлээбит, республикаҕа, оройуоҥҥа баар-суох бөдөҥ, сатабыллаах тэрийээччини, колхознай тутул деятелин А. С. Егоров курдуктары итинник хаһыатынан, үксэ олоҕо суох чахчыларынан киирэн ыыстааһын, сөбө суоҕу сөп оҥоруу репрессия көрүҥүнэн, хараардыы быһыытынан көрүллүөхтээх. Оно А. С. Егоров үтүө аатын тилиннэрэр-төннөрөр сөп этэ», – диир.

Докторов С. Үтүө аата тиллиэхтээх / Софрон Докторов // Саха сирэ. – Дьокуускай. – 1994. –  N 161 (760). – атырдьах ыйын 27 к. – 4 с;

2004 сыллаахха А. С. Егоров төрөөбүтэ 100 сылын туоларыгар суруналыыс Егор Афанасьев “Дьиҥ-чахчы дуйдаах киһибит” диэн ыстатыйата “Саха сирэ” (2004. – От ыйын 2 к.-С. 5) хаһыакка тахсар.

2022 сыл Алексей Семенович сиэнэ Любовь Платонова  “Чолбоннор” ситиһиилэрин төрүөтэ туохха олоҕурбутай?»  диэн ыстатыйата “Үөһээ Бүлүү” (N 72-73) хаһыат икки нүөмэригэр улахан балаһаннан тахсыбыта.

Нам нэһилиэгэр 1990-с сылларга Егоров А. С.-Дуйдаах диэн уулусса ааттаммыта. Бу Дуйдаах диэн хоһулаан ааттаабыттара иҥэн, кэлин ылыммыта, өһүргэммэт буолбута диэн ааттыыллар, дьон да ыыс аат курдук буолбакка Егор Афанасьев эппитин курдук “Дьиҥ чахчы дуйдаах киһибит” диэн ылынар буолбуттар эбит этэ.

Ис. Барахов бөдөҥсүйбүт сопхуос 90-с сылларга ыһыллыбытыгар, Намнааҕы отделение «Чолбон» колхуос аатынан саҥаттан тэриллибитэ.

Сэрии ыар сылларыгар тыаҕа кырдьаҕас, дьахтар, оҕо аймах эрэ хаалбыт кэмигэр, колхуос үлэтин үмүрү тутан, сатабыллаахтык салайан, дьаһанан биир да хоргуйан өлүүнү таһаартарбатах, ону таһынан аччыктаан атах-балай барбыт дьону аһатан олорбут, Үөһээ Бүлүү Нам нэһилиэгин “Чолбон” колхуос дьонун дьолугар кэлбит диэн ааттыыр киһибит Егоров Алексей Семенович үтүө аата умнуллуо суохтаах. Бурдуктаах Нам, Ытык Нам, Чолбоннор, Намнар барахсаттар диэн үйэ курдук махталынан ахтыллыбыт нэһилиэк диэн бу Бүлүү түбэтигэр баара биллибэт. Алексей Семенович быйыл төрөөбүтэ 120 сылын туолар үбүлүөйдээх сылыгар үйэтитиигэ үлэ барыахтаах.   

Туһаныллыбыт матырыйааллар:

  1.  Егоров А. Берлины ылыыга эппиэттээн / А. Егоров // Үөһээ-Бүлүү большевига. – 1945. – Ыам ыйын 5 күнэ. – С. 2.
  2. Егоров А. Өссө байылыат буолуохпут / А. Егоров // Кыым. – 1946. –  Олунньу 6 күнэ. – С. 3.
  3.  Саха республикатын тыатын хаһаайыстыбатын бастыҥнарын сүбэ мунньахтара // Кыым. – 1946. – Муус устар 5 күнэ. – С. 2.
  4. Егоров А. “Чолбон” колхоз үүнэр уонна бөҕөргүүр : колхозпут сайдыы суолунан иһэр / А. Егоров // Үөһээ-Бүлүү большевига. – 1947. –  Ыам ыйын 30 күнэ. – С. 2.
  5. Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын, промышленнаһын, наукатын, культуратын уонна искусствотын үлэһиттэрин улахан бөлөҕө ССРС Верховнай Советын Президиумун Ыйааҕынан орденнарынан уонна медалларынан наҕараадаланнылар // Үөһээ-Бүлүү большевига. – 1947. –  От ыйын 4 күнэ. – С. 1.
  6. Правительственнай наҕараадалары туттарыы // Үөһээ-Бүлүү большевига. – 1947. –  Балаҕан ыйын 19 күнэ. – С. 1.
  7. Бастыҥ үлэлээх колхоз председателэ (Коммунистар уонна партията суохтар Сталинскай блоктарын кандидаттара) (фото) // Үөһээ-Бүлүү большевига. – 1950. –   Сэтинньи 25 күнэ. – С. 1.
  8. Докторов С. Үтүө аата тиллиэхтээх / Софрон Докторов // Саха сирэ. – Дьокуускай. – 1994. –  N 161 (760). – атырдьах ыйын 27 к. – 4 с;
  9. Афанасьев Е., Дьиҥ-чахчы дуйдаах киһибит. [Ленин орденын биир бастакынан ылбыт холкуос бэрэссэдээтэлэ А. С. Егоров 100 сылын туолла] // Саха сирэ. – 2004. – От ыйын 2 к.-С. 5.
  10. Интернет аһаҕас ситимэ.