Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр күүтүүлээх, долгутуулаах күн үүнээри турар. Ол курдук ахсынньы 21 күнүгэр, дьон бары кэтэһэр сылаас, сырдык, кырасыабай саҥа култуура дьиэтэ аанын тэлэччи арыйарга бэлэмнэнэр. Нам нэһилиэгэ култуура эйгэтигэр ССРС норуодунай артыыската Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева, СӨ норуодунай артыыската Феодосия Петровна Шахурдина, самодеятельнай композитордар Мария Игнатьевна Константинова, Георгий Максимович Никифоров, Владимир Васильевич Васильев, Тимофей Шестаков, аан дойдуга биллибит “Чолбон” рок-группа, Саха театрын кылаабынай режиссера Руслан Игоревич Тараховскай, айар талааннаахтар СӨ норуодунай суруйааччылара Петр Николаевич Тобуроков, Дмитрий Федосеевич Наумов, лирик-бэйиэт Василий Пудович Харлампьев-Хара Лааҥкы о.д.а. киһи ааҕан сиппэт уһулуччу талааннаах дьоннорунан биллэр. Айар-тутар, ыллыыр-туойар талааннара чочулларыгар Наммыт кулуубун үлэтин кылаата эмиэ баар буолуохтаах диэн сыаналыыбыт. Ол курдук аан бастаан нэһилиэккэ култуура эйгэтин сэгэппит Нам кулууба хаһан арыллыбытай диэн боппуруоска саһарбыт хаһыаттар кэпсииллэр:


Бу кыракый да буоллар, дириҥ ис хоһоонноох ыстатыйалар, 1947 сыллаахха Аҕа дойду сэриитэ саҥа бүтэн, “Чолбон” колхуостаахтара бурдук, оҕуруот үлэтин үмүрүтэн баран, эйэлээх олоҕу түстүүр кулууптарын тутуутугар умса түспүттэрэ көстөр. Бу биир колхоз дьоно, маһынан икки этээстээх 200 киһини батарар, хара илиилэринэн туппут кулууптара баараҕайынан киһини сөхтөрөр. Маны сатабыллаахтык тэрийэн оҥотторбут киһи “Чолбон” колхуос председателэ Ленин уордьаннаах Егоров Алексей Семенович буолар.



Ыстатыйаны саҥа арыллыбыт кулууп сэбиэдиссэйэ, нэһилиэк төрүт олохтооҕо бары дьон ытыктабылын ылар Михаил Семенович Романов суруйбут. Нэһилиэк кулууба 1947 сылтан үлэтин саҕалаабыт эбит, номнуо үлэ бөҕө ыытыллыбыт, куруһуоктар үлэлииллэрин тоһоҕолоон сырдаппыт. Кулууп нэһилиэк общественно-политическай олоҕор улахан сабыдыаллааҕын ыйар.






50 сыл ынараа өттүгэр 1974 сыл ахсынньы ыйыгар Нам нэһилиэгэр өссө биир саҥа икки этээстээх 300 миэстэлээх култуура дьиэтэ арыллыбыт. Ол туһунан салгыы Кыым хаһыат 1974 сыллаахха 294 (15596) №-дээх ахсынньы 18 күнүнээҕи нүөмэригэр тахсыбыт ыстатыйаттан ааҕабыт:
«Айхал» аана аһылынна
Исидор Барахов аатынан совхоз киинэ Нам сыллата саҥа тутууларынан сандаарар. Бу тохсус пятилетка түөрт сылыгар бөһүөлэккэ универмаг, балыыһа, сельсовет саҥа хонтуората, элбэх ахсааннаах түөртүү квартиралаах уопсайдар тутуллан үлэҕэ киирдилэр. Бу нэһилиэк бөһүөлэк киинин кэрэ көстүүлүүр кэскиллээх тутууларын «Бочуот Знага» орденнаах Мансур Халиуллин биригээдэтин чилиэннэрэ оҥорбуттара.
Аҕыйах хонуктааҕыта Нам бөһүөлэгин олохтоохторугар Мансур Халиуллин биригээдэтин чилиэннэрэ өссө биир улахан үөрүүлээх бэлэхтэрин – 300 миэстэлээх культура дьиэтин тутуутун силигин ситэрэн Государственнай комиссияҕа “4” сыананан туттардылар.
Бу тыа сирин үлэһит дьонун көрүн-нарын, үөрүүтүн-көтүүтүн киинэ бөһүөлэги киэргэтэр тутуу. Культура дьиэтин аллараа мэндиэмэнигэр киинэ, араас концерт, спектакль көрдөрүллэр. Оттон үөһээ мэндиэмэҥҥэ библиотека, ааҕар саала, административнай хостор бааллар.
Киэҥ-куоҥ фойеҕа совхоз рабочайдара киинэ иннинэ, концердары, араас көрдөөх-нардаах оонньуулары көрүөхтэрэ. Оттон сорхторугар сынньанар, ааҕар, бильярдыыр, теннистыыр хостор үлэлиэхтэрэ.
Манна кэлэн ыллыыр-туойар артистар, самодеятельность кыттыылаахтарыгар, барыта маннык буоллаҕына табыгастаах буолуоҕа диэбит курдук, бэлэмнэнэр, гримнэнэр, бэл, сценаҕа тахсар хосторо кытта бааллар.
Үөһэ мэндиэмэҥҥэ тахсыаҕыҥ эрэ. Манна ураты сылаас, сырдык, уу-чуумпу. Дьон элбэх да, бары туспа тардыллыбыт остуоллардаах ааҕар саалаҕа совхозтар рабочайдара, оскуола, СПТУ студеннара ааҕаллар, бэлэмнэнэллэр. Библиотекарь кыыс кинилэргэ саҥа кинигэлэри, сурунааллары тыаһа суох үктэнэ сылдьан биэртэлиир.
Бу маннык силигэ сиппит культура дьиэтин тутууга мөлүйүөн аҥара солкуобай ороскуоттанна. Саҥа дыбарыас директорынан талааннаах тарбахтаах уруһуйдьут Василий Пудович Харлампьев, уус-уран салайааччынан биллиилээх мелодист Георгий Максимович Никифоров ананнылар.
Партия, правительство советскай дьон материальнай уйгутун хааччыйыыга ахсаабат болҕомтолорун ууралларын сэргэ, кинилэр культурнай таһымнара үүнэригэр эмиэ кыһаналлар. Ол көстүүтүнэн бу кэнники сылларга Далырга, Боотулууга, Тамалакааҥҥа, Хороҕо уонна бу Намҥа тыатааҕы культура дьиэлэрэ тутуллубуттара буолар. Аны аҕыйах хонугунан – Саҥа дьылы көрсө «Үөдүгэй» совхоз киинигэр эмиэ 300 миэстэлээх культура дьиэтэ үлэҕэ киириэҕэ.
Оройуон нэһилиэктэригэр урут үлэлии турар культура дьиэлэриттэн тутуута туспатынан, ис-тас киэргэлэ ситэритинэн Намнааҕы культура дьиэтэ саамай бастыҥнара. Бу биһиги элбэх национальностаах Ийэ дойдубут бырааттыы омуктарыттан тэриллибит омугунан татарин Мансур Халиуллин салайар саха, нуучча, татарин уонна украинец омуктар представителлэрин интернациональнай биригээдэлэрэ үтүө суобастаах үлэлэрин түмүгүнэн буолар.
Культура дьиэтэ «Айхал» диэн ааттанна. Онон саҥа культура киинэ аатын курдук айар, сырдатар үлэтэ бар дьон айхаллыырын курдук кэрэхсибэллээх буоларыгар нэһилиэнньэ баҕарар.
«Кыым» корр.









Нам нэһилиэгин култуурнай олоҕун актыыбынай кыттааччылара


Бастакы Кэрэ Куо күрэҕэ
Хаартыскалар Ем. Ярославскай аат. хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай түмэлин, М. С. Романов аат. Нам олохтоох библиотекатын фондатыттан ылылыннылар.