Кулун тутар 4 күнүгэр поэт Харлампьев Василий Пудович-Хара Лааҥкы 75 сааһын туолар күнэ. Хомойуох иһин кини бу күннэргэ өрөгөйдөөх сааһыгар тиийбэккэ күн сириттэн күрэннэ. Биһиги Хара Лааҥкыны кэргэнин тыыннаах муза оҥостон, таптал лиирикэтин өрө туппут иэйиилээх поэт диэн билинэбит. Кэргэнин Полина Петровнаны кытта ыал буолуон иннигэр бу көтөр алгыһын ылбыппыт диэн кини ахтар. Бу ханнык көтөрүй?