М. С. Романов аатынан Нам олохтоох бибилэтиэкэтигэр, ыам ыйын 26 күнүгэр, Саха сирин үрдүнэн бэһис сылын ыытыллар үгэс буолбут «Кинигэ күүһэ» («Сила книги») аахсыйа буолла. Быйылгы аахсыйа Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылыгар туһуланарынан, кинигэ ааҕааччыннан РФ уопсай үөрэхтээһин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, 2015 сылга СӨ Сыл бастыҥ учуутала күрэх финалиһа, кыраайы үөрэтээччи Васильева Сардаана Николаевна ыалдьыттаата. Истээччилэринэн Федорова Александра Федоровна кылаас салайааччылаах, П. Н. Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччилэрэ буоллулар. Сардаана Николаевна сэһэргээһинин оҕо сылдьан кинигэ ааҕыытыгар уһуйбут учууталын туһунан истиҥ тылларынан саҕалаата. Оҕо кинигэ ааҕыытын умсулҕаныгар умсар кистэлэҥнэрин арыйда. Борис Лунин «По следам Вилюйского узника» диэн биир дьоҕус кинигэ иһигэр саспыт биһиги улууспут устуоруйатын чахчыларын биир биир арыйан кэпсээбитэ оҕолор болҕомтолорун ылла, сөҕөр саҥа аллайыылар иһилиннилэр. Бэйэлэрин нэһилиэктэрин туһунан бэрт элбэх чахчыны истэн биллилэр, кыраайы үөрэтии бэрт умсугуутуулааҕын өйдөөтүлэр. Тэрээһин аахсыйаҕа кыттыбыттарын туһунан туоһу суруктары туттарыыннан, уопсай хаартыскаҕа түһүүннэн, махтал тылларынан түмүктэннэ. Түгэнинэн туһанан Сардаана Николаевнаҕа ыалдьыт буолбутугар махтанабыт, чинчийэр үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабыт.




