Warning: Invalid argument supplied for foreach() in /var/www/u0965142/data/www/vvlibr.ru/wp-content/plugins/book-shelf/includes/main.php on line 185

Бүгүн, ыам ыйын 15 күнэ Аан дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн күнэ. Судаарыстыба сүрүн баайа — дьоно-сэргэтэ, оттон кэхтибэт кэскилэ ыал буолар. Ханнык баҕар уопсастыба акылаата, тирэнэр тирэҕэ — дьиэ кэргэн. Бу күнүнэн күндү биир дойдулаахтарбытын эҕэрдэлээн туран, “Наммыт ыала барахсан” диэн бырайыакпытын салҕыыбыт. Күндү дьоммут кэрэ мөссүөннэрэ, олохторун укулаата, өйдөрө-санаалара үйэтитиллэрин туһугар кыһаллыаҕыҥ. Матырыйааллары бырайыак көҕүлээччилэригэр библиотекарь Саввинова Уруйдаана Юрьевнаҕа 89142231977 уонна Сидорова Любовь Николаевнаҕа 89148209101 ыытаргытын күүтэбит. Бырайыак чэрчитинэн бастакы түһүмэҕинэн Нам ытык ыаллара Ильиннэр Мотрена Ивановна уонна Николай Афанасьевич, Пактар Мария Федоровна уонна Николай Васильевич, Егоровтар Федор Федотович уонна Мария Гаврильевна тустарынан матырыйаал тахсыбыта.
Иккис түһүмэҕинэн эһиги иннигитигэр таһаарабыт үлэни өрө туппут, оҕо иитиитигэр холобур буолар Нам ытык ыалларын: Кривошапкиннар Дионисий Иннокентьевич уонна Федора Иннокентьевна, Кардашевскайдар Михаил Спиридонович уонна Анна Кириковна, Ильиннэр Николай Иннокентьевич уонна Агафия Николаевна.