
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр биир дойдулаахпыт, сахалартан бастакы устуоруйа билимин учуонайа Никон Семенович Романов төрөөбүт күнүнэн, Нам олохтоох библиотекатыгар истиҥ көрсүһүү буолла. Көрсүһүүнү Устуоруктар уонна кыраайы үөрэтээччилэр сойуустарын чилиэннэрэ, чуолаан Нина Родионовна Саввинова иилээн-саҕалааан ыытта. Аҕам саастаах көлүөнэ эдэр көлүөнэни кытта алтыһыылара буолла. Киирии тыл кэннэ библиотекарь Саввинова Уруйдаана Юрьевна Никон Романов биографиятын билиһиннэрдэ, Аҕа дойду сэриитигэр Ленинград оборонатыгар дьоруойдуу охтубутун кэпсээтэ. Бэтэрээн учуутал Саввинов Василий Макарович Н. С. Романов кандидатскай үлэтин “Ясак в Якутии в 18 веке” диэн кинигэтин билиһиннэрдэ. Салгыы Сидорова Любовь Николаевна Нам оскуолатын пионердара Никон Семенович кэргэнэ Нина Ивановналыын суруйсубут суруктарын туһунан олус интэриэһинэйдик кэпсээтэ. Саввинова Нина Родионовна Романовтар педагогическай династияларын туһунан сырдатта, ол курдук Никон Романов бииргэ төрөөбүттэрэ бары үөрэхтэнэн учуутал идэтин баһылаабыттар эбит. Тобуруокап түмэл хараанньыта Саввинова Галина Павловна Никон Семенович норуодунай суруйааччы Петр Тобуруокап учуутала буоларын, үөрэхтээх киһи буоларыгар оруолун туһунан иһитиннэрии оҥордо. Түмүккэ Н. С. Романов бииргэ төрөөбүт быраата Михаил Семенович Романов кыыһа Надежда Михайловна Никон Семенович үс оҕотуттан соҕотох ордон хаалбыт Вениамин Романовтыын көрсүһүүлэрин туһунан кэпсээтэ. Бу көрсүһүүгэ оҕолор сүрдээҕин болҕойон олорон иһиттилэр, Никон Семенович Романов туһунан билиилэрин кэҥэттилэр. Сылын ахсын ахсынньы ый 12 күнүгэр киэн туттар киһибит туһунан ахтан-санаан ааһар үгэс оҥосторго этии киирдэ. Устуорук-учуонай сахалартан дьаһаах хомуйуутун туһунан үлэтин салгыы дириҥэтэн үөрэтэргэ кэм уолдьаспытын билиннибит.







