Тохсунньу 18 күнүгэр, М. С. Романов аатынан Нам олохтоох библиотеката уонна А. Е. Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы култуура киинэ “Таайтарыылаах таҥха” диэн бэрт интэриэһинэй тэрээһини ыыттылар. Кэлбит ыалдьыттарга аан маҥнай таҥха сиэрин-туомун туһунан билиһиннэрдилэр, таҥхаҕа сыһыаннаах кинигэлэри көрдөрдүлэр. Онтон хосторунан сылдьан инникини сылыктыыр сахалыы таҥха оонньуулара ыытылыннылар, ол курдук буосканы уулларыы, кинигэнэн таайыы, үтүлүк быраҕыы. Маны таһынан Кытай омуктар инникилэрин билгэлэнэр, түстүүр Бацзы үөрэҕиттэн боппуруостарга эппиэт уонна баҕа санаа хаартатын оҥоруу буолла.






