Улуу Кытай норуота Саҥа дьылларын 15 күнү быһа бэлиэтиир үгэстээхтэр, быйылгы 2025 сыл тохсунньу 29 күнүттэн олунньу 12 күнүгэр дылы буолар. Атын дойду култууратын сэгэтэн көрөр аналлаах, А. Е. Ильина-Дмитриева аатынан Нам култуура киинигэр Кытай саҥа дьылын бэлиэтиир сэргэх биэчэр буолла. Кытай нарын муусуката доҕуһуоллаах Дракон уонна Моҕой сыллара бэлиэлэринэн киэргэммит, сибэккинэн симэммит тупсаҕай саалаҕа ыалдьыттар муһуннулар. Биэчэр “Намыына” түмсүү банаардаах кытайдыы үҥкүүлэринэн арылынна. Салгыы ыалдьыттары көрсөр чайнай церемония туһунан кэпсээтэ, үс араас чэйи оҥорон, амсатан көрдөрдө улуустааҕы женсовет бэрэссэдээтэлэ Тумусова Любовь Ивановна. Нам нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Заболоцкая Валентина Афанасьевна кытайдар саҥа дьылга билгэлээх бичиэнньэ (печенье с предсказаниями) түҥэтэллэрин туһунан кэпсээтэ, уонна хас биирдии ыалдьыты бичиэнньэннэн күндүлээтэ. Олус минньигэс бичиэнньэ сиэн, киһи сүргэтин көтөҕөр билгэлэри тутан дьон үөрүүтэ үксээтэ. Биэчэр биир сүрүн түһүмэҕинэн, эдэр ийэлэр Розалина Бурнашова удон, Ольза Осипова суши, Анита Харитонова том ям диэн илиҥҥи азия омуктарын бүлүүдэлэрин астаан көрдөрөр мастер-класстара буолла. Бу манна нэһилиэк эмиэ эдэр ийэтэ урбаанньыт, “Перекресток” маҕаһыын хаһаайката Анисия Яковлева бородууктаны спонсордаабыта хайҕаллаах дьыала буолла. М. С. Романов аатынан Нам библиотеката И-Цзин “Книга перемен” диэн кытайдар аан дойдуга биир саамай былыргы кинигэннэн билгэлэнэр ньымаларынан баҕалаахтарга сэрэбэйдээтэ, “Удивительный Китай” диэн викторинаны оонньотто, илиҥҥи азия култууратын билиһиннэрэр кинигэ быыстапкатын тэрийдэ. Биэчэр дьону сомоҕолуур интэриэһинэй, бэһиэлэй оонньууларынан түмүктэннэ, кыайыылаахтар Кытай саҥа дьылын үгэһинэн уйгуну, дьолу аҕалар мандариннары ылан үөрэн-көтөн тарҕастылар. Биэчэри А. Е. Ильина-Дмитриева аатынан Нам култуура киинин, М. С. Романов аатынан Нам олохтоох библиотекатын үлэһиттэрэ, “Чөмчүүк” женсовет чилиэннэрэ тэрийэн ыыттылар.







