Кыраайы үөрэтээччилэр кылаас чаастарын ыыттылар

Бүгүн, олунньу 10 күнүгэр 1935 сылллаахха Үөһээ Бүлүү Бүлүү оройуонуттан арахсан туспа оройуон (улуус) буолбута 90 сылын бэлиэтиир дьоро күн. Бу бэлиэ күҥҥэ анаан, Нам нэһилиэгин П. Н. Тобуруокап аатынан орто оскуолаҕа үөрүүлээх линейка ыытылынна. Нам нэһилиэгин кыраайы үөрэтээччилэрэ “Нам нэһилиэгэ улуус сайдыытыгар кылаата” диэн кылаас чаастарын ыыттылар. Оҕолор Нам нэһилиэгин былыргытын, араас тэрилтэлэрин устуоруйатын, үтүө үлэһит дьон олоҕун туһунан кэпсээннэри иһиттилэр, кинигэлэри билистилэр, слайдалары көрдүлэр.