Намҥа Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр

Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн бэлиэтиир кэккэ тэрээһиннэр буолан аастылар. Олунньу 13 күнүгэр П. Н. Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатыгар 5-8 кылаастарга сылын ахсын ыытыллар “Таптыыр сахам тылынан” кэтэхтэн өрөспүүбүлүкэтээҕи акция буолла. Акция 3-4 кылаас, 5-6 кылаас уонна 7-8 кылаас үөрэнээччилэригэр анаан ыытылынна.

Биһиги улууспутугар акцияны Оҕо библиотеката салайыытынан нэһилиэк уонна оскуола библиотеката иилээн –саҕалаан ыытыллар. Олимпиадаҕа барыта 31 оҕо кытынна. Бастыҥ үлэлээх Сергеева Нария 8 кыл үөрэнээччитин үлэтэ улууска иккис түһүмэххэ ыытылынна. Кыттыбыт оҕолор туоһу сурук туттулар.

Бу күн нэһилиэк Ийэ тыл түмсүүтэ “Ийэ тыл – ытык иэс” диэн төгүрүк остуолу тэрийдэ. Төгүрүк остуолу түмсүү салайааччыта Саввинова Нина Родионовна ыытта, кыттыылаахтар санааларын сайа этиннилэр, дьиэҕэ-уокка оҕону сахалыы саҥардыыга кэккэ үчүгэй этиилэр киирдилэр. Онтон салгыы саха култууратыгар уонна литэрэтиирэтигэр сыһыаннаах “Тыл хонуута” лотуоҕа оскуола бибилэтиэкэрэ Петрова Мария Гаврильевна оонньотон, астынан, сэргэхсийэн тарҕастылар.

Олунньу 14 күнүгэр 11-с төгүлүн “Сахалыы дьыктаан” СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ тэрийэн ыытар өрөспүүбүлэкэтээҕи акция буолла. Дьыктааҥҥа 15 киһи кыттыыны ылла, дьыктааны А. Е. Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы култуура киинин фольклорга исписийэлииһэ Васильева Александра Андреевна аахта. Түмүккэ саха тылын эндэппэккэ билэр “Бастыҥтан бастыҥ суруксут” Саввинова Нина Родионовна, Протодьяконова Юлия Дмитриевна, “Бастыҥ суруксут” Кардашевская Людмила Николаевна, “Үчүгэй суруксут” Тойтонова Надежда Прокопьевна, Федорова Александра Федотовна, Федорова Мичилия Спиридоновна, Санникова Елена Владимировна буоллулар.

Бу күн, П. Н. Тобуруокап орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Павлова Дина 10 кыл, Павлова Люба 8 кыл, Платонова Аэлита 4 кыл О. Д. Федорова аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи киин бибилэтиэкэтэ Ийэ тыл түмсүүлэрин кытта иккис сылын ыытар “Ааҕыы күрэҕэр” кытыннылар. Бу күрэххэ алын сүһүөх кылаас оҕото сэһэни дорҕоонноохтук ааҕарга, орто сүһүөх оҕото мүнүүтэҕэ түргэнник ааҕарга, үрдүкү сүһүөх оҕото уус-ураннык ааҕарга куоталаһаллар. Уопсайа 11 хамаанда кытынна, биһиги оҕолорбут орто таһымы көрдөрдүлэр, туоһу суруктары туттулар. Эһиил өссө бэлэмнэнэн кэлэн кыттарга сыал турда.

“Саха төрүт дорҕооннорун илииннэн дьүһүйүү” (ҺӨҔҮҤ) диэн оҥоһуктарга биллэриллибит күрэх элбэх киһи сэҥээриитин ылла. Олунньу 13 күнүгэр күрэххэ киирбит үлэлэринэн Нам нэһилиэгин култууратын дьиэтигэр быыстапка турда. Уһуйаан иитиллээччилэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ кытыннылар, ону тэҥэ дьиэ кэргэттэртэн, түмсүүлэртэн, биирдиилээн дьонтон барыта 40 үлэ киирдэ. Араас матырыйаалынан, элбэх ньыманан эҥинэ сиэдэрэй үлэ киирбитэ көрөөччүлэри сөхтөрдө да, үөртэ да. Олунньу 15 күнүгэр Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн түмүктүүр тэрээһиҥҥэ үрдүкү сыанаттан кыайыылаахтар ааттаннылар. Кыттааччылар ТуоҺу суруктарынан, кыайыылаахтар Добун суруктарынан уонна бары бириистэринэн бэлиэтэннилэр. Түгэнинэн туһанан бары спонсордаабыт тэрилтэлэрбитигэр, түмсүүлэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит! Күрэххэ кимнээх кыайбыттарын билиһиннэрэбит:

Бөлөҕүнэн үлэлэр

Улахан дьон

1 миэстэ Ситим сал. Тарасова Р. П.

2 миэстэ Уран иэйии сал. Васильева К. М.

3 миэстэ Намыына сал. Петрова А. С.

“Ураты көрүүлээх үлэ” анал аат П. Н. Тобуруокап түмэл-уһаайбата

 Оҕолор

1 миэстэ П. Н. Тобуруокап аат. Нам орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ сал. Федорова А. Ф.

2 миэстэ П. Н. Тобуруокап аат. Нам орто оскуолатын 1 кылааһын үөрэнээччилэрэ сал. Тойтонова А. А.

3 миэстэ «Кэнчээри» уһуйаан орто сүһүөх иитиллээччилэрэ Сал. Игнатьева Л. С., Винокурова Д. М.

Дьиэ кэргэнинэн

1 миэстэ Егоровтар

2 миэстэ Лаврентьевтар

3 миэстэ Кисиляховтар

3 миэстэ Тюляховтар

Биирдиилээн дьон

Улахан дьон

1 миэстэ Корнилова Анастасия Прокопьевна

2 миэстэ Саввинова Сардаана Алексеевна

3 миэстэ Шестакова Туяра Валерьевна

Оскуола оҕолоро

1 миэстэ Игнатьева Дарина 2 кылаас

2 миэстэ Васильева Аля 8 кылаас

3 миэстэ Игнатьев Денис 3 кылаас

Уһуйаан оҕолоро

1 миэстэ Слепцова Нарыйаана

2 миэстэ Обоева Дариана

Тэрээһиннэринэн баай нэдиэлэни Нам уонна Балаҕаннаах култуура кииннэрэ холбоһуктаах кэнсиэрдэринэн түмүктээтилэр. Илиилэригэр дьоҕурдаах биир дойдулаахтарбыт быыстапкалара турда. Бибилэтиэкэ “Саха тылын таптыыбын” диэн акция тэрийэн, хас биирдии ыалдьыкка наклейка бэлэхтээтэ. Сибилигин сырылаччы буспут алаадьынан айах тутан, оһуохай ырыатын дьиэрэтэн, саха буолан сандаарар бэртээхэй тэрээһин буолла.