СААСКЫ МУЗА МИЧЭЭРЭ

Кулун тутар 21 күнэ – Аан дойдутааҕы Поэзия күнэ! Бу күҥҥэ олус сөп түбэһэр, биир дойдулаахпыт саха народнай бэйиэтэ П. Н. Тобуруокап, сүргэ көтөҕүллэр кэтэһиилээх саас кэлиитин кытта Поэзия тыынын ситимниир бэртээхэй хоһоонун ааҕыаҕыҥ.

Сааскы Муза мичээрэ

Сааскы Муза таарыйда,
Санныбыттан хам кууста.
Кулгаахпар сибис гынар.
Хомуруйан саҥарар:
“Сүрэҕиҥ тэбэр-тэбэр!
Сүһүөҕүҥ эдэр-эдэр!
Эрэнэммин кэллим мин,
Эмиэ оонньуох! Илдьэбин!
Саас кэлиитин уруйдуох –
Саҥа хоһоон суруйуох!
Саас хардыыта – поэзия!
Саас салгына – поэзия!
Сааскы күөх күн – поэзия!
Саас бэйэтэ – поэзия!
Сааһы көрбөт буолбут поэт
Хамсыыр күлүк, өлүк эбээт!”
…Мин да наһаа кыһыйдым –
Бэйэтин кууһан ыллым!

Бу курдук улуу учууталларын батыһан, нэһилиэкпит хоһоонньут кэрэ аҥардарын “Бичийэ” түмсүү кыттыылахтара, саас кэлиитин уруйдуур хоһооннорун, айылҕаҕа тахсан аахпыттарын көрүҥ, истиҥ, сэргээҥ!