Тохсунньу 23 күнэ – Буочар күнэ

Тохсунньу 23 күнэ — Буочар күнүгэр анаан!

Нам библиотеката бары баҕалаахтары кэрэ буочар онлайн-күрэҕэр кыттарга ыҥырар.
Күрэххэ Амма Аччыгыйа «Доҕоттор» кэпсээниттэн кыра быһа тардыыны кумааҕыга бэйэҥ илиигинэн устан суруйуохтааххын. Ол кэннэ суруйуугун хаартыскаҕа түһэрэн 89841181291 нүөмэргэ ыытыаххын эбэтэр кумааҕынан библиотекаҕа бэйэҥ аҕалан биэриэххин сөп.

Тиэкис:
Бу тыалга-кууска арай хараҥаччылар үөрэн-көтөн, маска-окко, киһиэхэ-сүөһүгэ иҥнэ биэриэх курдук, алларанан көтөн сыбыгыраһаллар. Көтөр-сүүрэр кирийбит. Арай сүрдээх үөһэ, былыт сырдык толонугар тахсан көстө-көстө сүтэн, икки хотой кыһалҕата суохтук салгыҥҥа уста, көрүлүү сылдьаллар. Арай толооҥҥо онон-манан тураахтар сүр боччумнаахтык дуодардаһа хаамсаллар.

Суруйаргытыгар ааккытын (ФИО) уонна төлөппүөн нүөмэргин ыйаргын умнума.
Кыайыылааҕы тохсунньу 24 күнүгэр (Сүбэ күн) библиотекарь, КДУ исписэлииһэ уонна дьаһалта бэрэстэбиитэлэ кыттыылаах дьүүллүүр сүбэ быһаарыаҕа.
Кыайыылаах грамотанан наҕараадаланыаҕа, оттон бары кыттыылаахтарга күрэххэ кыттыбыттарын туһунан сертификаттар ыытыллыахтара.