“Сахалыы дьыктаан-2026”

Ытык НАМ олохтоохторо, ыалдьыттара!
Олунньу 13 күнүгэр – Саха бастакы лингвист-учуонайа С.А. Новгородов төрөөбүт күнүгэр, Төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар «Сахалыы дьыктаан-2026» аахсыйаҕа кыттарга сааһыттан хааччаҕа суох, бары баҕалаахтары ыҥырабыт!
Төрөөбүт тыл — биһиги баайбыт, бу аахсыйа биһигини сомоҕолуур, тылбыт кэрэтин уонна күүһүн бигэргэтэр ураты түгэн буолар.
Аахсыйа 2026 сыл олунньу 13 күнүгэр Нам библиотекатыгар 11ч00м. ыытыллыа.
Күндү дьоммут-сэргэбит!
Төрөөбүт тылбыт сайда, чэчирии турдун!