С 9 по 15 февраля проходит Десятая общероссийская акция “Дарите книги с любовью”, приуроченная к Международному дню книгодарения – 14 февраля.
Бу аахсыйа кэмигэр хас биирдии киһи бэйэтин дьиэтиттэн кинигэни талан, оҕо бибилэтиэкэлэригэр, оскуола бибилэтиэкэлэригэр эбэтэр дьон ортотугар кинигэни тапталы кытта бэлэхтиир. Дьону кинигэ ааҕарга көҕүлээһин, култуураны өйөөһүн, кинигэнэн билиини тарҕатыы.
Дьиэҕититтэн туһаммат буолбут, эбэтэр иккистээн ааҕыаххын баҕарбат, ол эрэн атын киһиэхэ туһалыан сөптөөх кинигэни талаҕын. Уонна ол кинигэни бибилэтиэкэҕэ илдьэн бэлэхтиигин.
Кыттыҥ, кинигэ ааҕыытын үтүө үгэһин тарҕатыҥ! Билиини бэлэхтээҥ, атын дьону үөрдүҥ!