“Сахалыы дьыктаан – 2026”

Сахалыы дьыктаан ситиһиилээхтик ааста!
Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, М.С. Романов аатынан Намнааҕы модельнай библиотекатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сахалыы дьыктаан-2026» аахсыйа ситиһиилээхтик түмүктэннэ. Барыта уон киһи кытынна.
Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Розалия Петровна Тарасова бастыҥынан буолла, кини тылы билиитэ уонна суруйуута үрдүк таһымнааҕын көрдөрдө.
Ураты болҕомтону долган омугуттан төрүттээх Ирина Ивановна Бетту кыттыыта ылла. Кини дьыктааны дьоһуннаахтык суруйда, тэрийээччилэр биһирэбиллэрин ылла.
Төрөөбүт тылы уонна култуураны өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ортотугар тарҕатарга туһуламмыт аахсыйаҕа көхтөөхтүк кэлэн кыттыбыт дьоммутугар барҕа махтал!