«Эрэл» түөлбэ олохтоохторо биир санаанан түмсэн, улахан суолталаах дьыаланы оҥордулар: харчы хомуйан, Wildberries-тан матырыйаал сакаастаан, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар буойуттарбытыгар икки маскировочнай ситимнэри өрдүлэр.
Атын түөлбэ уонна нэһилиэк олохтоохторун бу үтүө холобуру батыһарга ыҥырабыт! 🪖
Маскировочнай ситим — бу көннөрү таҥас буолбатах, бу олохтору быыһыыр тэрил. Хас биирдибит уопсай дьыалаҕа кылаатын киллэриэн сөп. Илиилэрин сылааһын иҥэрэн, сетка өрөөһүнүгэр көмөлөспүт биирдиилээн дьоҥҥо, “Уран Иэйии”, “Намыына” түмсүүлэргэ барҕа махтал🫶🏻
Биһиги көҕүлээһиммитигэр кыттыһыҥ, геройдарбытын өйүүргэ кыахпыт баарынан барытын оҥоруохха!✊🏻







