Охонооско – ситиһиини!

Бүгүн, муус устар 21 күнүгэр, «Оптуорунньук — доруобуйа күнэ» диэн аахсыйа чэрчитинэн, Намнааҕы А.Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтигэр дьиҥнээх сомоҕолоһуу уонна күүс-уох бырааһынньыга — Оһуохай буолла.
Бу чаҕылхай тэрээһини Нам кулуубун уус-уран салайааччыта Афанасий Руфов Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Куйаар далай түһүлгэ»улуустааҕы сүүмэрдиир түһүмэҕэр кыттарын билсиһиннэрэн туран, оһуохай тылын эттэ. Бу Оһуохай — көрсүһүү эрэ буолбакка, ыччаттар икки ардыларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуохайдьыттар күрэхтэрин бастакы түһүмэҕэ буоларын бэлиэтиэххэ наада.
Биһиги Афанасийбытыгар – Охонооско күрэххэ ситиһиилэри баҕарабыт! Кини талаана уонна төрөөбүт култууратыгар таптала үтүө кыайыыны аҕаллын!