Ытык Наммытыгар өрөгөйдөөх Кыайыы күнэ

Бүгүҥҥү үөрүүлээх Кыайыы 81 сылын бэлиэтиир күммүтүгэр ыраас күннээх халлаан туран үөрүүнү үрдэттэ. Гагарина уулуссаттан парадтаан Ытык Нам олохтоохторо сэрии кыттыылаахтарын оҕолоро, сиэннэрэ ыраахтан, чугастан мустан кыайыыбыт скверигэр музыка доҕуһуоллаах муһуннубут. Аҕа баһылыкпыт Александр Иннокентьевич Кардашевскай, П.Н.Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатын директора Егор Васильевич Ильин, нэһилиэк физическэй култуурага инструктора Анна Васильевна Кардашевская  эҕэрдэлэрин тиэртилэр, баҕа санааларын эттилэр. Кыайыы пааматынньыгар тыыннаах сибэкки ууран баран, салҕыы, “Эрчим” стадиоҥҥа сэлэлээн хааман тиийэн, оскуола оҕолорун строевой хаамыыларын көрдүбүт. Оскуола уонна “Кэнчээри” уһуйаан саллаат кухнята тэрийэн, ким да астан маппата. Кыайыы күнүгэр аналлаах тэрилтэлэр икки ардыларыгар “Эр санаа суола” мэһэйдэр балаһаларын ааһыыга күрэҕэ сүрдээх көхтөөхтүк, тэтимнээхтик ааста. 5 хамаанда кыттыбытыттан бочуоттаах 1 миэстэни “Сайдыы” СХПК хамаандата ылыан ылла, иккис миэстэ – ОДьКХ хамаандата, үһүс миэстэ – оскуола хамаандата. Парад кыттыылаахтара хаартыскаҕа түһэн үйэтитилиннилэр. Умнуллубат үтүө күн ырыанан, үҥкүүнэн доҕуһуолланна.
Ыам ыйын 9 күнэ — дойдубут бары олохтоохторугар дириҥ өйдөбүллээх ытык күн. Бу күн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран Аан дойдуну өстөөхтөн босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын тиэрдэбит!

Аан дойду устуоруйатыгар улахан сабыдыаллаах, ыар сүтүктээх, харах уулаах уонна өрөгөй үктэллээх Улуу Кыайыы суолтата хаһан баҕар норуоттарга Ытык өйдөбүл буолан барыбытын сомоҕолуур.

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Бүгүҥҥү Ытык бырааһынньыгынан эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни, ыраас халлааны, дьолу-соргуну, баай-талым олоҕу баҕарабыт!