Сыл аайы бэс ыйын 22 күнүгэр биһиги дойдубутугар Кутурҕан уонна Кэриэстэбил күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕаламмыт, Советскай Союзка соһуччу саба түһүү буолбут алдьархайдаах даатата.
1941 сыллаахха бу күн сарсыарда эрдэ фашистскай Германия сэрии биллэрбэккэ эрэ Сэбиэскэй Сойууска киирбитэ. «Барбаросса былаана» диэн ааттанар байыаннай операция чэрчитинэн өстөөх армиялара биһиги дойдубутун үс хайысханан тоҕо анньан киирэн барбыттара. Бу соһуччу, сидьиҥ агрессия этэ.
Бу күн историяҕа хаалар уоттаах-күөстээх сэрии бастакы мүнүүтэлэриттэн саҕаланан, мөлүйүөнүнэн дьон олоҕор ыар содуллаах, хас биирдии дьиэ кэргэни таарыйбыт иэдээн буолбута. Төһөлөөх элбэх киһи өлбүтэ-сүппүтэ, төһөлөөх куораттар урусхалламмыттара, тыа сирэ умайбыта буолуой? Бэс ыйын 22 күнэ — бу эйэлээх халлаан анныгар олохпутун былдьаппыт, оҕо-аймах ытаабыт-соҥообут, ийэлэр-аҕалар сүрэхтэрэ быстыбыт харах уулаах күнэ.
Бүгүн биһиги, билиҥҥи көлүөнэ дьоно, бу кутурҕаннаах күҥҥэ чуумпуран туран, сэрии толоонугар охтубут буойуннарбытын, концлааҕырдарга эрэйи-муҥу көрбүт гражданнары, Ленинград блокадатын тулуйбуттары, тыылга Кыайыыны уһансыбыт үлэ фронун геройдарын ахтан-санаан ааһабыт. Кинилэр хорсун быһыылара, тулуурдара уонна модун санаалара үйэлэргэ өлбөт-сүппэт холобур буолар.
Кэриэстэбил күнүн сүрүн сыала — бу алдьархай хаһан да хатыламматыгар, эйэлээх олох иһин турууласпыт дьоммут сырдык ааттарын умнубаппытыгар, ону кэлэр көлүөнэлэргэ тиэрдиигэ сүгүрүйүү буолар. Хас биирдиибит Ийэ дойдутун историятын билэр, ытыктыыр уонна харыстыыр эбээһинэстээхпит. Бэс ыйын 22 күнэ — бу биһиги бары биир сомоҕо буоларбыт, кырдьык иһин туруулаһарбыт туоһута.




Быйыл Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын үйэтитэр пааматынньыкпыт иккис этаабыгар үлэ барыа. Стеллаҕа 262 буойун аата, хаартыската уонна кюар кодтанан киириэ. Куйаар куодунан сайтка киирбит матырыйааллары киирэн көрүөххэ, ааҕыахха сөп буолуо.
Информационная страница с
https://22июня.историческаяпамять.рф
методическими рекомендациями и
иными материалами для
скачивания
Проморолик
(продолжительность
32 секунды)
Статистические плакатные
материалы
Динамические заставки
(продолжительность
15 секунд)
Видеоролик «Архивные
фотодокументы»
(продолжительность
6 минут 12 секунд)
Тематический видеоролик «Минута https://clck.su/FTNVs
молчания»
(продолжительность
140 секунд)
Аудиозапись «Минута молчания»
(продолжительность
120 секунд)