
Арассыыйа норуоттарын тылларынан суруллубут Бүтүн Арассыыйатааҕы дьыктаан туһунан
«Арассыыйа норуоттарын тылларынан Бүтүн Арассыыйатааҕы дьыктаан» диэн улахан сырдатар аахсыйа чэрчитинэн, кыра эрээри, дириҥ суолталаах тэрээһин буолан ааста. Бу көрсүһүүгэ сэттэ киһи кыттыбыта, дойдубут тылын эгэлгэтин харыстааһыҥҥа уонна төрөөбүт тылы тарҕатыыга бэйэтин дьоһуннаах кылаатын киллэрдэ.
“Арассыыйа – норуот дьиэтэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы дьыктаан тиэкиһин ааптара – кини айар үлэтэ – Дагестан уонна элбэх омуктаах сэбиэскэй литэрэтиирэ дьиҥнээх бэлиэтэ буолбут, уһулуччулаах авар бэйиэтэ Расул Гамзатов буолар! Тиэкис авар тылыттан дьыктааҥҥа анаан тылбаастаммыт – айымньы араас быһа тардыыларыттан таҥыллыбыт.
Бары кыттыбыт дьоммор барҕа махтал!
