
Cэтинньи 3 күнүгэр, А. Е. Ильина-Дмитриева аат. Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр, Сомоҕолоһуу күнүн көрсө Ытык Нам нэһилиэгин үлэһит тэрилтэлэрин икки ардыларыгар “Сайдыы суолунан бары бииргэ” диэн 5 түһүмэхтэн (тэрилтэни билиһиннэрии, патриотическай ырыа, көрөөччүлэргэ оонньуу ыытыыта, өркөн ей викторина уонна үҥкүү) турар күрэх буолла.
Барыта 10 тэрилтэ, 5 холбоһуктаах хамаанданы оҥорон кыттыыны ыллылар: 1 хамаанда: олохтоох дьаһалта, П.Н.Тобуруокап түмэл уһаайбата, Спортзал, М.С.Романов аатынан олохтоох библиотека, А.Е. Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтин холбоһуктаах коллектива;
2 хамаанда: П.Н.Тобуруокап аат Нам орто оскуолатын коллектива;
3 хамаанда: “Кэнчээри” оҕо сайдар киинин коллектива;
4 хамаанда: Л.Ф.Корякина аатынан Намнааҕы участковай балыыһа уонна МПЧ-4 холбоһуктаах коллектива
5 хамаанда: СХПК “Сайдыы” коллектива.
Күөн күрэс түмүгүнэн:
1 миэстэ – СХПК “Сайдыы” коллектива
2 миэстэ – “Кэнчээри” оҕо уһуйаанын коллектива
3 миэстэ – Л.Ф.Корякина аат Намнааҕы участковай балыыһа уонна МПЧ-4 холбоһуктаах хамаандата ыллылар.
Махтал сурук уонна “Көрөөччү биһирэбилэ” анал ааты олохтоох дьаһалта, П.Н.Тобуруокап түмэл уһаайбата, спортзал, М.С.Романов аатынан библиотека уонна А.Е.Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтин холбоһуктаах хамаандата ылла. Махтал суругунан уонна Аартык ХАУС хаһаайката Саргылаана Анатольевна 5000солк.анал туоһу суругунан П.Н.Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатын коллектива наҕараадаланна.



Бу күннэргэ кулууппут дьиэтэ оргуйан олордо, күн аайы, киэһэ хойукка диэри репетиция, бэлэмнэнии. Хамаандалар ох курдук оҥостубуттар, кустук курдук куоһаммыттар. Буолар күнүгэр киири-тахсыы, сүүрүү-көтүү, долгуйуу, сыана кэннигэр үмүөрүһүү. Саалабыт тобус-толору киһи. Тэрээһиҥҥэ кэлбит ыалдьыттарбыт Хомсомуол быыстапкатын олус сэргээтилэр. Хаартыскаҕа түһэн, эдэр сааһы санаан, ахтан аастылар.
Детсаат, оскуола коллективтарыттан ураты тэрилтэлэр үҥкүүлэрин эдэркээн хореограф Туйаара Петрова туруорда, эрчийдэ. Мин көрдөхпүнэ үҥкүүлэр бары да уруккаттан дьарыктанар ансаамбыллар курдуктар, эчи хамсаныылара тэҥин, чуоккайын, имигэһин. Ырыаҕа күрэххэ кулууппут саҥа дириэктэрэ Любовь Васильевна Дмитриева уонна саҥа уус-уран салайааччы Любовь Мартовна Баишева бииргэ үлэлээн, сыраларын ууран туран бэлэмнээтилэр. Хуордар толоруулара олус табыллан, дьүөрэлэһэн, наһаа тупсаҕайдык ыллаатылар.



Ыраахтан-чугастан, биир дойдулаахтарбыт, куйаар ситимигэр маннык санааларын суруйаллар:
- Наһаа астык концерт быһылаах 📱👈көрөн астынным. Маны устан, сырдатан ыыппыт киһиэхэ улахан махтал ✊🙌🙌🙌🥰🥰🥰
- Чахчы да түмсүүнү, сомоҕолоһууну көодөрөр үчүгэй тэрээһин буолбут, ыраахтан дойду дьонун бииргэ көрөр үчүгэйэ бөҕө, концертка сылдьыбыт курдукпун. Фермалары сөпкө бастаттыгыт, за смелость диэххэ сөп. Бары коллективтар үҥкүүлэрэ, таҥастара үчүгэйэ бөҕө👍👍👍 үүнэ, сайда тур Ытык Нам сирэ!
- Бэҕэһээ чахчы да Норуот Сомоҕолоһуутун күнүгэр аналлаах бэрт тэрээһин, кэнсиэр буолан ааста, тэрийээччилэргэ махтал, олох зал толору, атын дэриэбинэттэн кытта кэлэн ыллаан бардылар, аны оонньуу бөҕөнү тэрийэн ыыттылар, оонньууга кыттыбыт дьон сыаналаах бириистээх бардылар, өссө СПХ лар бириистэрэ үөрэ, хаан дуу өссө өйдөөбөтүм🤔 уопсайынан тэрээһин олох👍🏻👍🏻👍🏻 маладьыастар, сынньана таарыйа кэлэн көрөр буолуҥ, кырдьаҕас көрөөччүлэр кытта бааллара
- Сайдыы түөрт кыргыттара олох геройдаатылар, тэрилтэ чиэһин көмүскээһин үрдүк таһымын көрдөрдүлэр👏👏👏🥳🥳🥳
- Кэнчээри кыргыттарын үҥкүүлэрэ сырыы аайы тупсан иһэр,Татьяна Николаевнаҕа махтал👍👍👍
- Дьаһалта уолаттара Сэмэн,Кэнчээри үҥкүүлээн Бүгүҥҥү тэрээһин открытиета – буоллулар🥳🥳🥳





Ити курдук, нэһилиэкпитигэр Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста! Киэргэппит бары кыттааччыларга, салайааччыларга уонна өйөөччүлэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит! Саҥаттан саҥа ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны, үрдүк чыпчааллары баҕарабыт! Куруук маннык көхтөөх, уонна түмсүүлээх буолуоҕуҥ! Биир сомоҕо буолан, нэһилиэкпит саргылаах сайдыытын түстүөҕүҥ!


