Дапсы дьыктаана-2026

Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, Төрөөбүт Ийэ тылбыт хараанньыта, сэрии сылын оҕото, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, биһиги биир дойдулаахпыт, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп-Дапсы 90 сааһын туолар үбүлүөйдээх төрөөбүт күнэ. Бу кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ түбэһиннэрэн, 2020 сылтан улууспутугар Дапсы дьыктаана тохтобула суох, алтыс төгүлүн ыытыллар.

Дьыктаан саҕаланыытыгар Нам библиотекатын сэбиэдиссэйэ Анастасия Григорьевна Харлампьева Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп туһунан кылгас иһитиннэрии билиһиннэрдэ. Дьыктааны барыта 16 киһи суруйда, ол иһигэр 8 оскуола оҕото.

Хас биирдии кыттааччыларга туоһу сурук туттарылынна, туйгуннук уонна үчүгэйдик суруйбуттар Добун суруктарынан бэлиэтэннилэр.