“Уран Иэйии” түмсүү маастар кылааһа сэргэхтик ааста

Бүгүн, сэтинньи 17 күнүгэр, А.Е. Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтигэр Намнааҕы М.С. Романов аатынан модельнай библиотекаҕа «Уран иэйии» түмсүү СВО байыастарыгар чуни тигиитигэр маастар-кылаас ыытта.

Маастар-кылааска түмсүү кыттыылаахтара байыас дьоҥҥо анаан чуни тигии уратыларын, таҥас быһыытын уонна тигии ньымаларын көрдөрдүлэр. Дьарык кыттыылаахтара оҥоһуктары тигэн, түргэнин, судургутун, дьиэҕэ тигиэххэ сөп эбит диэн сэҥээрдилэр.

«Уран иэйии» түмсүү ыыппыт тэрээһинэ уолаттарбытыгар көмөҕө, үтүө санааны тарҕатыыга уонна гражданскай эппиэтинэһи күүһүрдүүгэ ананар. Маастар-кылаас кыттыылаахтара бэйэлэрин илиилэрин сылааһын, кыһамньыларын уонна өйөбүллэрин байыастарга тириэрдиһэн, бу дьыалаҕа холобур буоллулар.

Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ барыта 20 киһи көхтөөхтүк кытынна. 16 устуука чуни тигиллэн байыастарга ананар көмө пуунугар тиксэриллиэ.