“Үҥкүүлээ – көмүс саас” бальнай үҥкүү күрэҕин сүрэҕи долгутар, кынаттыыр истиҥ киэһэтэ

Сэтинньи 21 күнүгэр, ытык Наммыт Анегина Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтигэр олус сэргэх, сонун тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, ытык Нам нэһилиэгин “Ытык ыала”, нэһилиэк аатын үгүс күрэхтэргэ ааттаппыт, бастыҥ көхтөөх дьоммут, “Гражданскай килбиэн” орден кавалера, Үөһээ Бүлүү улууһун, Нам нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, женкомитет солбуллубат председателинэн үлэлээбит, “Көмүлүөк” түмсүү төрүттээччитэ Раиса Денисовна уонна “Исидор Барахов” аатынан сопхуос бастыҥ механизатора, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун, Балаҕаннаах, Нам нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Пантелеймон Михайлович Руфовтар сырдык ааттарын үйэтитэн, төрөөбүттэрэ 85 саастарыгар аналлаах, улууска аан бастаан ыытыллар “Үҥкүүлээ – көмүс саас” бальнай үҥкүү күрэҕин киэһэтигэр дьон тоҕуоруһа муһунна. Дьоро киэһэ тэрийээччилэрэ “Нам нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата, “Анегина Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтэ”, “Көмүлүөк” түмсүү уонна Раиса Денисовна, Пантелеймон Михайлович Руфовтар оҕолоро, аймахтара.

Үҥкүү – бу тыла суох ырыа, дууһа иэйиитэ уонна үйэлэри уҥуордуур кэрэ эйгэ.  Бу киэһэ культура дьиэтин саалатыгар саамай кэрэ, саамай эрчимнээх уонна олох кэрэ кэмигэр үктэммит дьоммут муһуннулар. Барыта 8 паара кытынна: Нам нэһилиэгиттэн Екатерина, Григорий Кысылбаиковтар, Ирина Иванова уонна Николай Чуруков, Ирина Бетту уонна Константин Николаев, Венера уонна Антон Шишигиннар, Үөдүгэй нэһилиэгиттэн Роза Бурнашева уонна Петр Кардашевскай, Алла Григорьева уонна Анатолий Докторов, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгиттэн Людмила Егорова уонна Федор Неустроев, Туобуйа нэһилиэгиттэн Елизавета Сидорова уонна Гаврил Лазарев.

Кэрэ киэһэни сыаналыыр, ким саамай имигэһин, ким саамай истиҥин быһаарар дьүүллүүр сүбэҕэ киирдилэр:

  1. Дьүүллүүр сүбэ председателэ – РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын культуратын уонна үөрэҕириитин туйгуна, Оҕо искусство оскуолатын үҥкүү салаатын сэбиэдиссэйэ, “Сааскылаана” оҕо образцовай үҥкүү ансаамбылын салайааччыта Сардаана Ивановна Иванова;
  2. Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, “Учууталлар учууталлара”, үлэ ветерана, Раиса Денисовна бииргэ төрөөбүт балта Изабелла Денисовна Егорова;
  3. Россия Бүтүн Сойуустааҕы уус-уран самодеятельностары көрүү  фестивателин лауреата, Ытык Нам нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, культура ветерана Капиталина Матвеевна Васильева;
  4. Нам нэһилиэгэ тыа сирин түөлбэтин баһылыгын солбуйааччы, Саха Республикатын доруобуйа харыстабылын туйгуна Валентина Афанасьевна Заболоцкая;
  5. Российскай Федерация потребкооперациятын туйгуна, Саха Республикатын общественнай түмсүүлэрин бочуоттаах ветерана, “Ытык саас” бэлиэ хаһаайката, Нам нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Көмүлүөк” түмсүү кыттааччыта Татьяна Григорьевна Васильева.

Кыттааччыларга үҥкүү хамсаныыларын үөрэттилэр – Саха Республикатын культуратын туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах ветерана, Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, улуустааҕы культура ветераннарын Сэбиэтин председателэ Алла Семеновна Григорьева уонна Анегина Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтин эдэр, эрчимнээх хореограва Туйаара Анатольевна Петрова.

Күрэх түөрт түһүмэхтэн турда – падеграс, краковяк, тустеп уонна вальс.

Кэрэ киэһэни эҕэрдэ тылынан аста ытык Нам нэһилиэгин Аҕа баһылыга Александр Иннокентьевич Кардашевскай. Ону тэҥэ, истиҥ иһирэх тылларынан көрөөччүлэри, кыттааччылары Үөһээ Бүлүү улууһун (оройуонун) социальнай боппуруостарын, дьиэ кэргэн политикатын вопростарыгар баһылык солбуйааччыта Анна Михайловна Уларова уонна Балаҕаннаах нэһилиэгин Аҕа баһылыга Степан Иванович Дмитриев эҕэрдэлээтилэр.

Түһүмэхтэр быыстарыгар Руфовтар халыҥ аймах талба талааннарын арыйан, сыананы киэргэтэн, ыалдьыттары, олохтоохтору үҥкүүлээн тэлээрэн, ырыа ыллаан сэргэхситтилэр даҕаны, сөхтөрдүлэр даҕаны. Ордук сэҥээриини күн күбэй ийэлэригэр, амарах аҕаларыгар анаабыт бэйэтин ааптарскай хомоҕой хоһоонун, улахан кыыстара, Сардаана Тойтонова аахпыта, Саха Республикатын культуратын туйгуна, “Нам улууһун Ытык киһитэ”, Нам улууһун “Туллук хаара” ырыа айааччыларын түмсүүтүн салайаачыта, Руфовтар чугас табаарыстара Андрей Замятин дьүрүлүгэр, күтүөттэрэ Эрик Варфоломеев тылларыгар “Намым кэрэ матыыба” диэн бу күрэххэ анаан суруллубут саҥа ырыа, Раиса Денисовна бииргэ төрөөбүт балта, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, “Учууталлар учууталлара”, үлэ ветерана, “Ытык саастаах” Изабелла Егорова Бухарскай үҥкүүтэ көрөөччүлэр кэрэхсэбиллэрин ыллылар.

Күрэх анал ааттарын хаһаайыттарынан буоллулар:

“Көрөөччү биһирэбилэ”  – Елизавета Сидорова, Гаврил Лазарев

“Көмүс саас кэрэһиттэрэ”  –Роза, Петр Бурнашовтар

“Кынаттаах үҥкүүһүттэр”  –Екатерина, Григорий Кысылбаиковтар.

“Дьүөрэлии үҥкүүһүттэр”  –Ирина Бетту, Константин Николаев.

“Иэйиилээх үҥкүүһүттэр”  –Елизавета Сидорова, Гаврил Лазарев.(2 номинациялаахтар)

“Краковяк үҥкүүнү бастыҥ толорооччулар”–Алла Григорьева, Анатолий Докторов.

“Тустеп үҥкүүнү бастыҥ толорооччулар” –Венера, Антон Шишигиннар

“Падеграс үҥкүүнү бастыҥ толорооччулар” –Людмила Егорова, Федор Неустроев.

“Фигурнай вальсы бастыҥ толорооччулар” –Ирина Иванова, Николай Чуруков.

Дьэ, уонна, бу дьоро киэһэбит дьоһун тэрээһинин кыайыылаахтарынан буоллулар:

3-с бириистээх миэстэ – Ирина Иванова, Николай Чуруков, Нам. (10тыһ.солк.)

2-с миэстэ – Венера, Антон Шишигиннар, Нам. (20тыһ.солк.)

1 миэстэ – Алла Григорьева, Анатолий Докторов, Үөдүгэй. (30тыһ.солк.)           

 Гран-при  – Людмила Егорова, Федор Неустроев, Үөһээ Бүлүү. (40тыһ.солк.)

Кыайыылаахтарга уу харчынан бириистэри Руфовтар аймахтара туруордулар. Номинаннарга уонна биирдиилэн кыттааччыларга, тэрийээччилэргэ спонсордар бэлэхтэрэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылыннылар. Кыттааччы барыта илии тутуулаах,өттүк харалаах барда.

Ону тэҥэ, Руфовтар дьиэ кэргэн устуоруйатын элбэх хаартыскалаах быыстапката уонна “Уран иэйии” түмсүү (сал. Васильева К.М.) илиинэн оҥоһуктарын быыстапката, атыыта киэһэни олус киэргэттэ.

“Үҥкүүлээ – көмүс саас” бальнай үҥкүү күрэҕэ — чахчы да дууһаны сылаанньытар истиҥ буолла. Бу көннөрү күрэхтэһии эрэ буолбатах этэ. Бу — үҥкүүгэ, олоххо, хамсаныы кэрэтигэр тапталга билинии. Хас биирдии хардыыга — олох уопута, хас биирдии көрүүгэ — ис сүрэхтэн иэйии, хас биирдии эргииргэ — дууһа эдэр эрчимэ…

Уонна саамай сүрүнэ — бу киэһэ эдэр ыччакка үтүө холобур буолуо. Аҕам саастаах дьону көрөн, биһиги оҕолорбут уонна ыччаттарбыт хаһан баҕарар үҥкүүлүөххэ сөбүн өйдүөхтэрэ.

Бу истиҥ киэһэ иһин бары кыттааччыларга махтал!

Сылаас уонна истиҥ эйгэни тэрийбиттэрин иһин тэрийээччилэргэ махтал!

Өйөөбүттэрин иһин спонсордарга, көрөөччүлэргэ махтал!

Маннык көрсүһүүлэр өссө да салҕана турдуннар — кинилэр дьону кынаттыыллар, сомоҕолууллар уонна саамай суолталааҕы санаталлар: үөрэ-көтө олоруҥ, ис сүрэххититтэн үҥкүүлээҥ уонна сыанаҕа тахсартан хаһан да толлумаҥ!