«Кэм-кэрдии устун: онус кылаас үөрэнээччилэрин айымньыларын тэҥнээн ырытыы (1994 уонна 2026 сыллар)»

Ытыктыыр учууталбыт Евдокия Лазаревна Алексеева архыыбын хасыһа олорон, 32 сыл анараа өттүгэр оройуоннааҕы хаһыакка бэйэм суруйбут ыстатыйабар түбэстим. Онно мин онус кылаас үөрэнээччитэ, доҕотторбун кытта, ыччаты иитии туһунан өйтөн суруйуубутуттан быһа тардыылары киллэрбиппин.
Оттон билигин, бу элбэх сыл ааспытын кэннэ, балаһыанньа төһө уларыйбыта буолла?
 Саха тылын учуутала Юлия Дмитрьевна Протодьяконовалыын билиҥҥи онус уонна уон биирис кылаас үөрэнээччилэригэр ити темаҕа өйтөн суруттаран көрүөххэ диэн буолла.
Оҕолор суруйбут үлэлэрин ааҕан баран, иитии суолтатыгар сыһыан уларыйбат диэн бэлиэтиэххэ сөп. Сыллары уҥуордаан, сүрүн толкуй биир, улахан уратыта, чыҥха атына суох эбит ээ.
Эһиги болҕомтоҕутугар оҕолор сүрүн санааларын кытта билсиһиннэриэм:
Затеева Валерия: Уруккуну кытта тэҥнээн көрдөххө, оҕо иитиитэ уларыйбыт, олохпут сайдан биэрбит. Урут информацияны хаһыаттан, дьонтон уонна кинигэттэн эрэ билэр кыахтаах буоллахтарына, билигин олох сайдан, телефон, интернет баар буолан оҕо олоҕо чэпчээбит.
Егоров Эрчимэн: Саха сайдыылаах оҕотун иитии – төрүт үгэстэр уонна аныгы сайдыы холбоһуга.
– Ийэ тылынан саҥарыы, улахан дьону ытыктааһын, кырдьаҕаска көмө, илии үлэтэ, от-мас, дьиэ таһынааҕы үлэ.
– атын тыллары үөрэтии, кыылы-сүөлү, айылҕаны харыстааһын, олох үөрэҕэ.
Оччоҕуна биирдэ оҕо кэскиллээх буола улаатыа.
Шологонова Сардаана: Оҕону иитэр хаһан баҕарар ыарахан. Бэрээдэктээх, үчүгэй киһи буоларыгар кыһаллыахха наада. Мөҕөр кэмҥэ мөҥөн, кэпсэтэр кэмҥэ кэпсэтэн, таптаан. Саамай оҕоҕо наадалаах – куруутун ийэтин, аҕатын өйөбүлэ буолар.
Павлова Дина: Сайдыылаах саха оҕото диэн төрүт тылын билэр, норуотун культуратын сыаналыыр оҕо буолар. Билиҥҥи олоххо киһи бэйэтин төрүт сирин историятын билэр буоллаҕына сайдыылаах буолар. Ол иһин оҕоҕо кыра сааһыттан төрүт сиригэр тапталы иҥэриэххэ наада. Уонна сүрүн чааһа – үөрэххэ дьулуһуу. Уруй-Айхал!
Навконова Алина: Саха оҕотун кыра эрдэҕиттэн остуол оонньуутугар үөрэтии, өй-санаа сайдыытын, сиэр-майгы уус-уран сайдыыны киллэрэр. Саха омук көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр үгэстэрэ оҕо личноһын үөскэтиигэ улахан оруолу ылаллар. Оҕолору кыра саастарыттан сүөһү иитиитин, бултааһын уонна балыктааһын ньымаларыгар үөрэтэллэр.
Павлова Вирсавия: Сайдыылаах саха оҕотун иитии диэн кинини саха итэҕэлинэн, саха култууратынан иитии буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн Саха сирин остуоруйатын, тылын, төрүттээччилэрин уонна уратылаах кэрэ айылҕатын билиэхтээх. Төрөөбүт тылын кыра сааһыттан үчүгэйдик биллэриэххэ наада, майгытынан уонна дууһатынан саха итэҕэлин тутуһуохтаах.
Алтаайа: Оҕону иитии усулуобуйата суох тапталга, кинилэр личностарын убаастааһыҥҥа уонна төрөппүттэр бэйэлэрин холобурдарыгар олоҕурар. Сүрүн принциптэринэн бэйэни салайыныыны сайыннарыы, эмоциональнай өйөбүлү, билии-көрүү сайдыытын уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын иҥэриини ааҕаллар.