Тохсунньу 23 күнэ – Буочар күнэ

Тохсунньу 23 күнэ — Буочар күнүгэр анаан! Нам библиотеката бары баҕалаахтары кэрэ буочар онлайн-күрэҕэр кыттарга ыҥырар. Күрэххэ Амма Аччыгыйа «Доҕоттор» кэпсээниттэн кыра быһа тардыыны кумааҕыга бэйэҥ илиигинэн устан суруйуохтааххын. Ол кэннэ суруйуугун хаартыскаҕа түһэрэн 89841181291 нүөмэргэ ыытыаххын эбэтэр кумааҕынан библиотекаҕа бэйэҥ аҕалан биэриэххин сөп. Тиэкис:Бу тыалга-кууска арай хараҥаччылар үөрэн-көтөн, маска-окко, киһиэхэ-сүөһүгэ иҥнэ биэриэх курдук, алларанан […]

Саамай күндү бэлэх – кинигэ

Нэһилиэкпит библиотекатыгар Ольга Алексеевна Иванова бэйэтин уһулуччулаах аҕатын туһунан кинигэни бэлэх туттарда. Бу олус истиҥ уонна үтүө көҕүлээһин буолар. Кинигэ үлэтинэн-хамнаһынан, тыа хаһаайыстыбатыгар ситиһиилэринэн киэҥник биллибит, Саха АССР чөмпүйүөн оҕуруотчута, Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтэ уонна Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар хабалыардара, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Нам нэһилиэгин ытык киһитэ, үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ Алексеев Алексей Лазаревич сырдык […]

Ааспыт сылбыт түмүктэрэ

Эргэ Саҥа Дьылы көрсө, тохсунньу 13 күнүгэр А.Е.Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр улахан суолталаах түгэн — ааспыт сылы түмүктүүр уонна саҥа кэмҥэ соруктары туруорар көрсүһүү буолан ааста. Бу ситиһиллибит кыайыылары ырытарга уонна нэһилиэкпит олохтоохторугар көхтөөх позицияларын, уопсастыбаннай көҕүлээһиннэри өйөөбүттэрин иһин махтал тылларын этэргэ үчүгэй түгэн буолла.Нэһилиэк баһылыгын Кардашевскай А.И. тыл этиитэ киэһэ сүрүн түгэнинэн […]

“Ыччакка анаммыт олох” – норуот үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Е.В. Ноговицына төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр түмүк киэһэлэрэ

Ахсынньы 20 күнүгэр А.Е. Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр “Ыччакка анаммыт олох” диэн РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Ноговицына Евгения Васильевна төрөөбүтэ 105 сылын көрсө икки ыйдаах тэрээһиннэр түмүк киэһэлэрэ бэрт түмсүүлээхтик буолан ааста. Бу киэһэ сып-сырдык, киэҥ-куоҥ кулууппутун “Ыччакка анаммыт олох”, “Улуу бэйээт Музата” быыстапкалар, “Е.В. Ноговицына мэтириэттэрин галереята” – оскуола […]

“Тимир көлө хоһууннара”

Сэтинньи 9 күнүгэр Улуу Өктөөп уонна Комсомуол күннэрин бэлиэтээн, урукку кэми сэгэтэр “Тимир көлө хоһууннара” диэн улууска аан маҥнай Нам нэһилиэгэр 90 сыл ынараа өттүгэр 1935 сыллаахха МТС (машинно-тракторнай станция) тэриллэн үлэлээбитин ахтар-саныыр киэһэ буолан ааста. Тэрээһини көҕүлээн, иилээн-саҕалаан ыытта кыраайы үөрэтээччи Саввинова Нина Родионовна, тэрийсиигэ А. Е. Ильина аатынан Намнааҕы култуура дьиэтэ, М. С. […]

Кыраайы үөрэтээччилэр Г. И. Чиряев түмэлигэр ыалдьыттаатылар

Сэтинньи 11 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтээччилэр түмсүүлэрэ уонна ЦОСП”Сэргэх” чилиэннэрэ буолан Кыадаҥдаҕа сылдьан кэллибит. Айаммыт сыала Гаврил Иосифович Чиряев 100 сылын туолбутунан, төрөөбүт дойдутугар түмэл көрөн, олохтоохтору кытта төгүрүк остуол тула атах тэпсэн олорон сэһэргэһии. Көрсүһүү туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим кыраайы үөрэтиигэ отделын салайааччыта Егорова Галина Алексеевна суруйар: “Г.И.Чиряев түмэлин директора Михаил […]

“Дапсы дьыктааныгар” кытынныбыт

Сэтинньи 6 күнэ – саха тыла чөл туруктаах буоларын туһугар элбэх сыратын биэрбит лингвист-учуонай, публицист, поэт, литературнай кириитик Михаил Петрович Алексеев – Дапсы күн сиргэ көрбүт күнэ.Бу бэлиэ күнү көрсө сыл аайы улууспутугар киин билиитиэкэ “Дапсы дьыктаана” тэрээһини үгэс быһыытынан ыытар. Нам олохтоохторо бу тэрээһиҥҥэ кыттаары олохтоох библиотекаҕа муһуннулар. Дьыктаан тиэкиһин Нам култуура дьиэтин специалиһа […]

Олимпиада “Символы России”

Учащиеся Намской СОШ им. П.Н. Тобурокова участвовали в первом этапе Всероссийской олимпиады «Символы России. Великая Отечественная война: Путь к Победе» для школьников от 10 до 16 лет.Российская государственная детская библиотека совместно с Российским военно-историческим обществом и Центральным музеем Великой Отечественной войны (Музей Победы) при поддержке Министерства культуры Российской Федерации и Министерства просвещения Российской Федерации продолжает […]

Квест-игра “Заколдованный лабиринт-2”

Во время осенних каникул Намское КДУ и Намская библиотека организовали квест-игру “Заколдованный лабиринт”. Надо отметить, что проводим мы квест-игры не первый год, и с каждым разом задания становятся все интереснее и захватывающими. Так что такое квест-игра? Квест в реальном мире – это командная игра, где необходимо выполнить специальное тематическое задание в отведенное время. Процесс происходит […]

“Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр”

Бүгүн, алтынньы ый 25 күнүгэр, Саха сирин норуодунай бэйиэтэ Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 108 сыла. Бу күнү көрсө Нам нэһилиэгэр “Кэнчээри” оҕо уһуйаана уонна П. Н. Тобуруокап түмэл-уһаайбата сылын ахсын “Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр” диэн иитиллээччилэргэ хоһоон күрэҕин ыытар. Ол чэрчитинэн бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро иитээччилэрин уонна төрөппүттэрин кытта түмэл-уһаайбаҕа кэлэн бэт тэрээһиҥҥэ кытыннылар. Ол курдук экскурсовод […]