Библиотекаҕа #СИЛАКНИГИ ааксыйа чэрчитинэн көрсүһүү буолла

Библиотека эдэр ааҕааччылара долган норуотун бэрэстэбиитэлэ Ирина Ивановна Беттууну кытта көрсүстүлэр. Көрсүһүү норуот үгэстэрин уонна култууратын туһунан билиһиннэрэр кэпсэтии быһыытынан ааста. Ыалдьыт оҕолору хотугу норуот ускуустубатын кытта билиһиннэрдэ, муҥутуур кэрэ долган ойуулардаах оҕуруоттан тигиллибит оҥоһуктары көрдөрдө. Саамай өйдөнүмтүө түгэнинэн долган тылынан хоһооннору ааҕыы буолла: Ирина Ивановна айымньылары бэйэтэ аахта, онтон оҕолорго бу сэдэх тылынан тыллары […]
Тобуруокап ыллыга ыҥырар

Сааскы ылааҥы күн, сарсыардаттан күннээх, буоларын курдук сааскы сытыы тыаллаах, бэртээхэй да күн үүммүт. Б.Тобуруокап аатынан түмэл уһаайба уонна Намнааҕы Н.С. Романов аатынан библиотека кыттыгас тэрээһин тэрийэн, барсыан баҕалаахтары түмэн, айылҕаҕа тахсыы. Тыйыс, уһун да уһун кыһыммыт кэннэ айылҕаҕа тахсар хас сахаҕа бары долгутуулаах, кэтэһиилээх.“Тобуруокап ыллыга ыҥырар” диэн ааттаан, түмэл уһаайбаҕа мустан, айаҥҥа туруннахпыт дии. […]
Ытык Наммытыгар өрөгөйдөөх Кыайыы күнэ

Бүгүҥҥү үөрүүлээх Кыайыы 81 сылын бэлиэтиир күммүтүгэр ыраас күннээх халлаан туран үөрүүнү үрдэттэ. Гагарина уулуссаттан парадтаан Ытык Нам олохтоохторо сэрии кыттыылаахтарын оҕолоро, сиэннэрэ ыраахтан, чугастан мустан кыайыыбыт скверигэр музыка доҕуһуоллаах муһуннубут. Аҕа баһылыкпыт Александр Иннокентьевич Кардашевскай, П.Н.Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатын директора Егор Васильевич Ильин, нэһилиэк физическэй култуурага инструктора Анна Васильевна Кардашевская эҕэрдэлэрин тиэртилэр, баҕа […]
“Өйдөбүнньүк чүмэчитэ” бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа
Ыам ыйын 8 күнүгэр, Кыайыы скверыгар Улуу Кыайыы күнүн көрсө “Өйдөбүнньүк чүмэчитэ” аахсыйаҕа Ытык Наммыт олохтоохторо, чуолаан ыччаттарбыт кыттыыны ыллылар. Сыл аайы ыытыллар патриотическай аахсыйанан эҕэрдэ тылларын баһылык солбуйааччыта Валентина Афанасьевна Заболоцкая уонна Намнааҕы библиотека сэбиэдиссэйэ Анастасия Григорьевна Харлампьева эттилэр. Аҕа дойду Улуу сэриитэ хас биирдии дьиэ кэргэни таарыйбыта, бу паамытынньыкка, эһээлэрбит ааттара суруллан тураллар. […]
«Махтал эһиэхэ – күндү дьоммутугар!» нэһилиэкпит тыыл, үлэ бэтэрээннэригэр, сэрии сылларын оҕолоругар сынньалаң киэһэтэ
Бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр 2026 сыллаахха, Ытык Наммытыгар ураты истиҥ уонна долгутуулаах киэһэ буолан ааста. Биһиги үтүөкэннээх ытык кырдьаҕас дьоммутугар, тыыл, үлэ бэтэрээннэригэр, сэрии сылларын оҕолоругар анаммыт үөрүүлээх тэрээһин буолла. Бу күн биһиги олохпут иннигэр киллэрбит сүдү үтүөлэрин, хорсун быһыыларын ахтан-санаан, махталбытын тиэрдии буолла.Намнааҕы Анегина Ильина-Дмитриева аатынан сынньалаҥ дьиэтин саалатын П.Тобуруокап түмэл-уһаайбата оҕолор оҥоһуктарын […]
Үөрэх-билии уйата – үөрэппит оскуолам!
Ытык Наммытыгар, Анегина Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтигэр, ыам ыйын 6 күнүгэр, билиигэ-сырдыкка угуйар, үрдүккэ кынаттыыр, ситиһиигэ сирдиир тапталлаах оскуолабыт күнэ 18-с сылын буолан ааста.Тэрээһин Арассыыйа, Саха Сирэ, Үөһээ Бүлүү гиминнэрин тураарын истииттэн саҕаланна, онтон оскуола оҕолорун хорун толоруутугар Оскуола гиминин иһиттибит. Оскуола директора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Егор Васильевич Ильин оҕолору, учууталлары, төрөппүттэри, ыалдьыттары эҕэрдэлээн […]
“Дьоруой сардаҥата” аахсыйа Нам нэһилиэгэр
Бүгүн, ыам ыйын 7 күнэ – Үөһээ Бүлүү улууһугар Дьоруойдар күннэригэр анаан, О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотека “Дьоруой сардаҥата” диэн улуустааҕы акция арыйда. Акция чэрчитинэн улууспут бары библиотекаларыгар уонна музейдарыгар сарсыарда 10:00 чааска чүмэчи умаппыт түгэммит дьоруойдарбыт сырдык ааттара, кинилэр хорсун быһыылара хаһан да умнуллубатын бэлиэтиэҕэ. Ол курдук, ытык Наммыт нэһилиэгэр, П.Н.Тобуруокап аатынан түмэл-уһааайбаҕа уонна […]
«Эйэ-дьол ырыаһыта” буойун, мелодист, самодеятельнай композитор Георгий Максимович Никифоров
Бүгүн, ыам ыйын 5 күнүгэр, ытык Наммытыгар, Аҕа Дойду сэриитин кыттыылааҕа, Саха Сирин биллэр мелодиһа, самодеятельнай композитор Георгий Максимович Никифоров төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһиннэр нэһилиэк олохтоохторун, ыалдьыттары, оскуола оҕолорун уонна учууталларын түмэн, киэн туттар биир дойдулаахпытын кэриэстээтибит.Киэһэбит үрдүк түгэнинэн Георгий Максимович Никифоров төрөөбүт дьиэтигэр өйдөбүнньүк дуоскатын үөрүүлээх арыллыыта буолла. Тэрээһиҥҥэ олохтоох оскуола оҕолоро […]
Нам оскуолатын библиотекатыгар Республиканскай олимпиада
Биһиги Өрөспүүбүлүкэбитигэр ураты үгэс баар — хас сыл аайы Өрөспүүбүлүкэ күнүн иннинэ оскуола оҕолоругар анаан «Саха сирин бэлиэлэрэ. Мин — патриоппун» диэн киэҥ хабааннаах өй-санаа олимпиадата тэриллэн ыытыллар.Быйыл муус устар 24 күнүгэр П.Н.Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатын библиотекатыгар «Саха сирин бэлиэлэрэ-2026» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада буолан ааста. Тэрээһин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сылын уонна Арассыыйа Федерациятыгар Норуоттар сомоҕолоһууларын […]
Кыайыы Диктанта-2026
📝 Ытык Наммыт библиотекатыгар 2026 сыл муус устар 24 күнүгэр олохтоохтор диктант суруйдулар. 📚 Диктант суруйар түһүлгэлэр Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэх тэрилтэлэригэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи тэхникумҥа, О.Д. Фёдорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа, ону тэҥэ Тамалакаан библиотеакатыгар тэрилиннилэр. ⭐ Быйылгы диктант сүрүн тиэмэтэ — Георгий Константинович Жуков төрөөбүтэ 130 сыла. Кыттыылаахтар Кыайыы маршалын олоҕун, атын сүдү сэрии […]