Мария Игнатьевна Константиноваҕа – эдьиий Моруусаҕа анаммыт ахтыы киэһэтэ

Муус устар 22 күнүгэр 2026 сыллаахха биһиги нэһилиэкпитигэр, А.Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы култуура дьиэтигэр, Саха сирин бастакы дьахтар-баяниһын, талааннаах самодеятельнай композиторын, Саха култууратын үтүөлээх үлэһитин,  Саха Республикатын “Гражданскай килбиэн” бэлиэтин кавалерын, Үөһээ Бүлүү улууһун ытык олохтооҕун Мария Игнатьевна Константинова сырдык кэриэһигэр анаммыт истиҥ уонна долгутуулаах ахтыы киэһэтэ буолла. Бу күн кини 98 сааһын туолуо этэ. Тэрээһин […]

Охонооско – ситиһиини!

Бүгүн, муус устар 21 күнүгэр, «Оптуорунньук — доруобуйа күнэ» диэн аахсыйа чэрчитинэн, Намнааҕы А.Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтигэр дьиҥнээх сомоҕолоһуу уонна күүс-уох бырааһынньыга — Оһуохай буолла.Бу чаҕылхай тэрээһини Нам кулуубун уус-уран салайааччыта Афанасий Руфов Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Куйаар далай түһүлгэ»улуустааҕы сүүмэрдиир түһүмэҕэр кыттарын билсиһиннэрэн туран, оһуохай тылын эттэ. Бу Оһуохай — көрсүһүү эрэ буолбакка, ыччаттар икки ардыларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи […]

Библионочь-2026

Муус устар 17 күнүгэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн бэлиэтэнэр “Библионочь” аахсыйа 15 төгүлүн “Арассыыйа күүһэ – норуоттар сомоҕолоһууларыгар” диэн девиһынан ыытылыннf/Тэрээһин биир түгэнинэн “С чего начинается родина” кинигэ быыстапката буолла – төрөөбүт дойдуга таптал, устуоруйаҕа уонна култуураҕа ытыктабыл туһунан айымньылар туруорулуннулар.Литератураны сэҥээрээччилэргэ анаан викторина тэрилиннэ. Кыттааччылар нуучча классиктарын уонна саха суруйааччыларын, айымньыларын тустарынан киэҥ билиилээхтэрин көрдөрдүлэр. […]

Нэһилиэк олохтоохторугар ыҥырыы!✊🏻

«Эрэл» түөлбэ олохтоохторо биир санаанан түмсэн, улахан суолталаах дьыаланы оҥордулар: харчы хомуйан, Wildberries-тан матырыйаал сакаастаан, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар буойуттарбытыгар икки маскировочнай ситимнэри өрдүлэр.Атын түөлбэ уонна нэһилиэк олохтоохторун бу үтүө холобуру батыһарга ыҥырабыт! 🪖Маскировочнай ситим — бу көннөрү таҥас буолбатах, бу олохтору быыһыыр тэрил. Хас биирдибит уопсай дьыалаҕа кылаатын киллэриэн сөп. Илиилэрин сылааһын иҥэрэн, […]

“Айар тыын аартыгынан” – Марианна Долгунова сырдык аатын үйэтитэр бэлиэ күн

Бүгүн, муус устар 11 күнүгэр, ытык Наммытыгар олус истиҥ тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, Анегина Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр Саха Республикатын культуратын туйгуна, Саха Республикатын норуотун уус-уран сайдыытыгар кылаатын иһин анал бэлиэ хаһаайката, Үөһээ Бүлүү улууһун культуратын ветерана, Нам нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр өр кэмҥэ уус-уран салайааччынан үлэлээбит Марианна Валерьевна […]

Нэһилиэкпит кулуубугар – “Наара Суох” пьеса премьерата

Бүгүн, кулун тутар 24 күнүгэр, ытык Наммытыгар, А.Е.Ильина-Дмитриева аатынан культура сынньалаҥ дьиэтигэр, Республикаҕа культура сылыгар, Россияҕа культура үлэһитин күнүгэр анаан, олохтоохтор күүстэринэн, олус бэлиэ, бэртээхэй культура тэрээһинэ буолан ааста. Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун культуратын ветерана, Нам уонна Ороһу нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо В.Н. Абрахова туруоруутугар Саха народнай суруйааччыта Иван Гоголев-Кындыл суруйуутугар 5 хартыыналаах, […]

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ ытык Наммыт кулуубугар олус истиҥник уонна көхтөөхтүк ааста!

Олунньу 13 күнэ, Саха бастакы лингвист-учуонайа С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ, дойдубутугар Саха тылын, сурук-бичик күнүнэн биллэриллэн, Намнааҕы Анегина Ильина-Дмитриева аатынан култуура дьиэтигэр араас дабааннаах тэрээһиннэр буолан аастылар. Бу күн төрөөбүт тылга, чугас дьоҥҥо бэринии күүһэ, таптала уонна ытыктабыла мустубут курдук олус истиҥ уонна дууһалыын долгутуулаахтык ааста.Киэҥ-куоҥ, сып-сырдык саалабытын Намнааҕы М.С. Романов аатынан библиотека Үөһээ Бүлүү […]

“Сахалыы дьыктаан – 2026”

Сахалыы дьыктаан ситиһиилээхтик ааста!Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, М.С. Романов аатынан Намнааҕы модельнай библиотекатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сахалыы дьыктаан-2026» аахсыйа ситиһиилээхтик түмүктэннэ. Барыта уон киһи кытынна.Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Розалия Петровна Тарасова бастыҥынан буолла, кини тылы билиитэ уонна суруйуута үрдүк таһымнааҕын көрдөрдө.Ураты болҕомтону долган омугуттан төрүттээх Ирина Ивановна Бетту кыттыыта ылла. Кини дьыктааны дьоһуннаахтык суруйда, тэрийээччилэр биһирэбиллэрин ылла.Төрөөбүт тылы […]

X общероссийская акция “Дарите книги с любовью”, к Международному дню книгодарения

С 9 по 15 февраля проходит Десятая общероссийская акция “Дарите книги с любовью”, приуроченная к Международному дню книгодарения – 14 февраля. Бу аахсыйа кэмигэр хас биирдии киһи бэйэтин дьиэтиттэн кинигэни талан, оҕо бибилэтиэкэлэригэр, оскуола бибилэтиэкэлэригэр эбэтэр дьон ортотугар кинигэни тапталы кытта бэлэхтиир. Дьону кинигэ ааҕарга көҕүлээһин, култуураны өйөөһүн, кинигэнэн билиини тарҕатыы.Дьиэҕититтэн туһаммат буолбут, эбэтэр иккистээн […]

“Сахалыы дьыктаан-2026”

Ытык НАМ олохтоохторо, ыалдьыттара!Олунньу 13 күнүгэр – Саха бастакы лингвист-учуонайа С.А. Новгородов төрөөбүт күнүгэр, Төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар «Сахалыы дьыктаан-2026» аахсыйаҕа кыттарга сааһыттан хааччаҕа суох, бары баҕалаахтары ыҥырабыт!Төрөөбүт тыл — биһиги баайбыт, бу аахсыйа биһигини сомоҕолуур, тылбыт кэрэтин уонна күүһүн бигэргэтэр ураты түгэн буолар.Аахсыйа 2026 сыл олунньу 13 күнүгэр Нам библиотекатыгар 11ч00м. […]