“Библиокүн-2023” чэрчитинэн бибилэтиэкэ “Кинигэ күүһэ”(“Сила книги”) бүтүн Өрөспүүбүлэкэтээҕи аахсыйаҕа кытынна

М. С. Романов аатынан Нам олохтоох бибилэтиэкэтигэр, ыам ыйын 26 күнүгэр, Саха сирин үрдүнэн бэһис сылын ыытыллар үгэс буолбут «Кинигэ күүһэ» («Сила книги») аахсыйа буолла. Быйылгы аахсыйа Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылыгар туһуланарынан,  кинигэ ааҕааччыннан РФ уопсай үөрэхтээһин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, 2015 сылга СӨ Сыл бастыҥ учуутала күрэх финалиһа, кыраайы үөрэтээччи Васильева Сардаана […]

Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева 80 сааһа

Олунньу ый 3 күнүгэр ССРС, РСФСР, СР норуодунай артыыската, СР бочуоттаах гражданина, Саха сирин оператын кылаан чыпчаала Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева 80 сааһын туолар өрөгөйдөөх күнэ! Анегина Ильина биһиги биир дойдулаахпыт буоларыттан киэн туттабыт, айар-тутар үлэтигэр, муҥутуур ситиһиилэригэр сүгүрүйэбит. Баҕарабыт өссө да уһун олоҕу, чэгиэн доруобуйаны! Анегина Егоровна 2022 сыл бэс ыйыгар бибилэтиэкэ дьиэтигэр “Көмүлүөк” түмсүүнү […]

Пионерия 100 сылыгар”Игра по станциям”

Ыам ыйын 19 күнүгэр, В. И. Ленин аатынан Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай тэрилтэ тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтээн, “Ахтар-саныыр оҕо сааспыт кэрэ кэмнэрэ” диэн тэрээһин ыытылынна. Тэрээһин торжественнай пионерскай сборунан саҕаланна. Манна 40-тан тахса сыл оҕо тэрилтэтин салайбыт, “Үрдүк пионервожатай-методист”, “СӨ оҕо тэрилтэтин сайдыытыгар кылаатын иһин”, “Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах учуутала”, “СӨ үөрэҕириитин салаатын бочуоттаах бэтэрээнэ” , […]

Бырайыак: “Наммыт ыала барахсан”

Бүгүн, ыам ыйын 15 күнэ Аан дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн күнэ. Судаарыстыба сүрүн баайа — дьоно-сэргэтэ, оттон кэхтибэт кэскилэ ыал буолар. Ханнык баҕар уопсастыба акылаата, тирэнэр тирэҕэ — дьиэ кэргэн. Бу күнүнэн күндү биир дойдулаахтарбытын эҕэрдэлээн туран, “Наммыт ыала барахсан” диэн бырайыакка кыттаргытыгар ыҥырабыт. Күндү дьоммут кэрэ мөссүөннэрэ, олохторун укулаата, өйдөрө-санаалара үйэтитиллэрин туһугар кыһаллыаҕыҥ. Матырыйааллары бырайыак көҕүлээччилэригэр библиотекарь […]

ЯАССР 100 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр

Бибилэтиэкэр Саввинова У. Ю. Дьокуускай куоракка муус устар 9-10 күннэригэр САССР тэриллибитэ 100 сылын көрсө, СӨ историктарын уонна кыраайы үөрэтээччилэрин научнай-практическай кэмпириэнсийэлэригэр “Хаан хаалбат, көлүөнэ көппөт” диэн дакылаатынан кыттан лауреат аатын ылла. Муус устар 21 күнүгэр П. Н. Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатыгар улахан сүһүөх кылаастарга “Биһиги Бараахаппыт” диэн И. Н Барахов олоҕун, үлэтин туһунан […]