Үөрэх-билии уйата – үөрэппит оскуолам!

Ытык Наммытыгар, Анегина Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтигэр, ыам ыйын 6 күнүгэр, билиигэ-сырдыкка угуйар, үрдүккэ кынаттыыр, ситиһиигэ сирдиир тапталлаах оскуолабыт күнэ 18-с сылын буолан ааста.Тэрээһин Арассыыйа, Саха Сирэ, Үөһээ Бүлүү гиминнэрин тураарын истииттэн саҕаланна, онтон оскуола оҕолорун хорун толоруутугар Оскуола гиминин иһиттибит. Оскуола директора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Егор Васильевич Ильин оҕолору, учууталлары, төрөппүттэри, ыалдьыттары эҕэрдэлээн […]

“Дьоруой сардаҥата” аахсыйа Нам нэһилиэгэр

Бүгүн, ыам ыйын 7 күнэ – Үөһээ Бүлүү улууһугар Дьоруойдар күннэригэр анаан, О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотека “Дьоруой сардаҥата” диэн улуустааҕы акция арыйда. Акция чэрчитинэн улууспут бары библиотекаларыгар уонна музейдарыгар сарсыарда 10:00 чааска чүмэчи умаппыт түгэммит дьоруойдарбыт сырдык ааттара, кинилэр хорсун быһыылара хаһан да умнуллубатын бэлиэтиэҕэ. Ол курдук, ытык Наммыт нэһилиэгэр, П.Н.Тобуруокап аатынан түмэл-уһааайбаҕа уонна […]

«Эйэ-дьол ырыаһыта” буойун, мелодист, самодеятельнай композитор Георгий Максимович Никифоров

Бүгүн, ыам ыйын 5 күнүгэр, ытык Наммытыгар, Аҕа Дойду сэриитин кыттыылааҕа, Саха Сирин биллэр мелодиһа, самодеятельнай композитор Георгий Максимович Никифоров төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһиннэр нэһилиэк олохтоохторун, ыалдьыттары, оскуола оҕолорун уонна учууталларын түмэн, киэн туттар биир дойдулаахпытын кэриэстээтибит.Киэһэбит үрдүк түгэнинэн Георгий Максимович Никифоров төрөөбүт дьиэтигэр өйдөбүнньүк дуоскатын үөрүүлээх арыллыыта буолла. Тэрээһиҥҥэ олохтоох оскуола оҕолоро […]

Нам оскуолатын библиотекатыгар Республиканскай олимпиада

Биһиги Өрөспүүбүлүкэбитигэр ураты үгэс баар — хас сыл аайы Өрөспүүбүлүкэ күнүн иннинэ оскуола оҕолоругар анаан «Саха сирин бэлиэлэрэ. Мин — патриоппун» диэн киэҥ хабааннаах өй-санаа олимпиадата тэриллэн ыытыллар.Быйыл муус устар 24 күнүгэр П.Н.Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатын библиотекатыгар «Саха сирин бэлиэлэрэ-2026» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада буолан ааста. Тэрээһин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сылын уонна Арассыыйа Федерациятыгар Норуоттар сомоҕолоһууларын […]

Кыайыы Диктанта-2026

📝 Ытык Наммыт библиотекатыгар 2026 сыл муус устар 24 күнүгэр олохтоохтор диктант суруйдулар. 📚 Диктант суруйар түһүлгэлэр Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэх тэрилтэлэригэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи тэхникумҥа, О.Д. Фёдорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа, ону тэҥэ Тамалакаан библиотеакатыгар тэрилиннилэр. ⭐ Быйылгы диктант сүрүн тиэмэтэ — Георгий Константинович Жуков төрөөбүтэ 130 сыла. Кыттыылаахтар Кыайыы маршалын олоҕун, атын сүдү сэрии […]

Мария Игнатьевна Константиноваҕа – эдьиий Моруусаҕа анаммыт ахтыы киэһэтэ

Муус устар 22 күнүгэр 2026 сыллаахха биһиги нэһилиэкпитигэр, А.Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы култуура дьиэтигэр, Саха сирин бастакы дьахтар-баяниһын, талааннаах самодеятельнай композиторын, Саха култууратын үтүөлээх үлэһитин,  Саха Республикатын “Гражданскай килбиэн” бэлиэтин кавалерын, Үөһээ Бүлүү улууһун ытык олохтооҕун Мария Игнатьевна Константинова сырдык кэриэһигэр анаммыт истиҥ уонна долгутуулаах ахтыы киэһэтэ буолла. Бу күн кини 98 сааһын туолуо этэ. Тэрээһин […]

Охонооско – ситиһиини!

Бүгүн, муус устар 21 күнүгэр, «Оптуорунньук — доруобуйа күнэ» диэн аахсыйа чэрчитинэн, Намнааҕы А.Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтигэр дьиҥнээх сомоҕолоһуу уонна күүс-уох бырааһынньыга — Оһуохай буолла.Бу чаҕылхай тэрээһини Нам кулуубун уус-уран салайааччыта Афанасий Руфов Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Куйаар далай түһүлгэ»улуустааҕы сүүмэрдиир түһүмэҕэр кыттарын билсиһиннэрэн туран, оһуохай тылын эттэ. Бу Оһуохай — көрсүһүү эрэ буолбакка, ыччаттар икки ардыларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи […]

19 апреля — День памяти жертв геноцида советского народа, совершенного нацистами и их пособниками в период Великой Отечественной войны 1941–1945 годов.

Преступные планы нацистской Германии Перед началом войны против СССР нацисты разработали планы «расширения жизненного пространства» за счет территории нашей страны, которые предполагали военный разгром, уничтожение государственности и большинства населения с последующей колонизацией территории. Основными из них являлись: • план «Барбаросса»; • генеральный план «Ост»; • «зеленая папка» Геринга; • «план голода» Бакке. Нацистская война против […]

Библионочь-2026

Муус устар 17 күнүгэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн бэлиэтэнэр “Библионочь” аахсыйа 15 төгүлүн “Арассыыйа күүһэ – норуоттар сомоҕолоһууларыгар” диэн девиһынан ыытылыннf/Тэрээһин биир түгэнинэн “С чего начинается родина” кинигэ быыстапката буолла – төрөөбүт дойдуга таптал, устуоруйаҕа уонна култуураҕа ытыктабыл туһунан айымньылар туруорулуннулар.Литератураны сэҥээрээччилэргэ анаан викторина тэрилиннэ. Кыттааччылар нуучча классиктарын уонна саха суруйааччыларын, айымньыларын тустарынан киэҥ билиилээхтэрин көрдөрдүлэр. […]

Нэһилиэк олохтоохторугар ыҥырыы!✊🏻

«Эрэл» түөлбэ олохтоохторо биир санаанан түмсэн, улахан суолталаах дьыаланы оҥордулар: харчы хомуйан, Wildberries-тан матырыйаал сакаастаан, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар буойуттарбытыгар икки маскировочнай ситимнэри өрдүлэр.Атын түөлбэ уонна нэһилиэк олохтоохторун бу үтүө холобуру батыһарга ыҥырабыт! 🪖Маскировочнай ситим — бу көннөрү таҥас буолбатах, бу олохтору быыһыыр тэрил. Хас биирдибит уопсай дьыалаҕа кылаатын киллэриэн сөп. Илиилэрин сылааһын иҥэрэн, […]