“Айар тыын аартыгынан” – Марианна Долгунова сырдык аатын үйэтитэр бэлиэ күн
Бүгүн, муус устар 11 күнүгэр, ытык Наммытыгар олус истиҥ тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, Анегина Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр Саха Республикатын культуратын туйгуна, Саха Республикатын норуотун уус-уран сайдыытыгар кылаатын иһин анал бэлиэ хаһаайката, Үөһээ Бүлүү улууһун культуратын ветерана, Нам нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр өр кэмҥэ уус-уран салайааччынан үлэлээбит Марианна Валерьевна […]
Нэһилиэкпит кулуубугар – “Наара Суох” пьеса премьерата
Бүгүн, кулун тутар 24 күнүгэр, ытык Наммытыгар, А.Е.Ильина-Дмитриева аатынан культура сынньалаҥ дьиэтигэр, Республикаҕа культура сылыгар, Россияҕа культура үлэһитин күнүгэр анаан, олохтоохтор күүстэринэн, олус бэлиэ, бэртээхэй культура тэрээһинэ буолан ааста. Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун культуратын ветерана, Нам уонна Ороһу нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо В.Н. Абрахова туруоруутугар Саха народнай суруйааччыта Иван Гоголев-Кындыл суруйуутугар 5 хартыыналаах, […]
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ ытык Наммыт кулуубугар олус истиҥник уонна көхтөөхтүк ааста!
Олунньу 13 күнэ, Саха бастакы лингвист-учуонайа С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ, дойдубутугар Саха тылын, сурук-бичик күнүнэн биллэриллэн, Намнааҕы Анегина Ильина-Дмитриева аатынан култуура дьиэтигэр араас дабааннаах тэрээһиннэр буолан аастылар. Бу күн төрөөбүт тылга, чугас дьоҥҥо бэринии күүһэ, таптала уонна ытыктабыла мустубут курдук олус истиҥ уонна дууһалыын долгутуулаахтык ааста.Киэҥ-куоҥ, сып-сырдык саалабытын Намнааҕы М.С. Романов аатынан библиотека Үөһээ Бүлүү […]
«Кэм-кэрдии устун: онус кылаас үөрэнээччилэрин айымньыларын тэҥнээн ырытыы (1994 уонна 2026 сыллар)»
Ытыктыыр учууталбыт Евдокия Лазаревна Алексеева архыыбын хасыһа олорон, 32 сыл анараа өттүгэр оройуоннааҕы хаһыакка бэйэм суруйбут ыстатыйабар түбэстим. Онно мин онус кылаас үөрэнээччитэ, доҕотторбун кытта, ыччаты иитии туһунан өйтөн суруйуубутуттан быһа тардыылары киллэрбиппин.Оттон билигин, бу элбэх сыл ааспытын кэннэ, балаһыанньа төһө уларыйбыта буолла? Саха тылын учуутала Юлия Дмитрьевна Протодьяконовалыын билиҥҥи онус уонна уон биирис кылаас үөрэнээччилэригэр […]
“Сахалыы дьыктаан – 2026”
Сахалыы дьыктаан ситиһиилээхтик ааста!Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, М.С. Романов аатынан Намнааҕы модельнай библиотекатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сахалыы дьыктаан-2026» аахсыйа ситиһиилээхтик түмүктэннэ. Барыта уон киһи кытынна.Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Розалия Петровна Тарасова бастыҥынан буолла, кини тылы билиитэ уонна суруйуута үрдүк таһымнааҕын көрдөрдө.Ураты болҕомтону долган омугуттан төрүттээх Ирина Ивановна Бетту кыттыыта ылла. Кини дьыктааны дьоһуннаахтык суруйда, тэрийээччилэр биһирэбиллэрин ылла.Төрөөбүт тылы […]
X общероссийская акция “Дарите книги с любовью”, к Международному дню книгодарения
С 9 по 15 февраля проходит Десятая общероссийская акция “Дарите книги с любовью”, приуроченная к Международному дню книгодарения – 14 февраля. Бу аахсыйа кэмигэр хас биирдии киһи бэйэтин дьиэтиттэн кинигэни талан, оҕо бибилэтиэкэлэригэр, оскуола бибилэтиэкэлэригэр эбэтэр дьон ортотугар кинигэни тапталы кытта бэлэхтиир. Дьону кинигэ ааҕарга көҕүлээһин, култуураны өйөөһүн, кинигэнэн билиини тарҕатыы.Дьиэҕититтэн туһаммат буолбут, эбэтэр иккистээн […]
“Сахалыы дьыктаан-2026”
Ытык НАМ олохтоохторо, ыалдьыттара!Олунньу 13 күнүгэр – Саха бастакы лингвист-учуонайа С.А. Новгородов төрөөбүт күнүгэр, Төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар «Сахалыы дьыктаан-2026» аахсыйаҕа кыттарга сааһыттан хааччаҕа суох, бары баҕалаахтары ыҥырабыт!Төрөөбүт тыл — биһиги баайбыт, бу аахсыйа биһигини сомоҕолуур, тылбыт кэрэтин уонна күүһүн бигэргэтэр ураты түгэн буолар.Аахсыйа 2026 сыл олунньу 13 күнүгэр Нам библиотекатыгар 11ч00м. […]
Учитель, перед именем твоим… (Н.А. Некрасов)
Великолепная жизнь и несравненная работа Евдокии Лазаревны АлексеевойЕвдокия Лазаревна Алексеева — ярчайший представитель мира педагогов, яркий образец благородства и профессионализма, воспитавший тысячи благодарных учеников. Её личность сияет ярким светом, отражаясь в сердцах тех, кому посчастливилось стать частью её уникальной педагогической деятельности. Она родилась 5 июля 1935 года в прекрасном селе Намцы Верхневилюйского улуса. Там же […]
Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын сылын, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сылын уонна Үөһээ Бүлүү улууһугар Үөрэхтээһин сылын арыйыы туһунан
2026 сыл олунньу 7 күнүгэр Намнааҕы Культура дьиэтигэр Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын сылын, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сылын уонна Үөһээ Бүлүү улууһугар Үөрэхтээһин сылын арыйыыга анаммыт үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Бырааһынньык нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыгар үҥкүү уонна ырыа күрэҕин быһыытынан олус интэриэһинэйдик ыытылынна.Культура дьиэтин саалата көрөөччүнэн кырылаччы туолла. Бу дьон-сэргэ бырааһынньыктааҕы тэрээһини күүтэрин, интэриэһэ олус үрдүгүн көрдөрдө. […]
“М.С. Романов – сырдыкка, үөрэххэ сирдээччи”
Олунньу 6 күнүгэр Анегина Ильина-Дмитриева аатынан Намнааҕы Культура дьиэтигэр библиотека 80 сыллаах, Михаил Семенович Романов 110 сыллаах үбүлүөйдээх дааталарыгар анаммыт “Романов М.С. – сырдыкка, үөрэххэ сирдээччи” диэн төгүрүк остуол буолла. Бу ытыктабыллаах киһи Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна үөрэхтээһинин сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбитэ.Михаил Семенович Романов РСФСР уонна ЯАССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна уонна Үлэ […]