“Үҥкүүлээ – көмүс саас” бальнай үҥкүү күрэҕин сүрэҕи долгутар, кынаттыыр истиҥ киэһэтэ

"Үҥкүүлээ - көмүс саас"

Сэтинньи 21 күнүгэр, ытык Наммыт Анегина Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтигэр олус сэргэх, сонун тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, ытык Нам нэһилиэгин “Ытык ыала”, нэһилиэк аатын үгүс күрэхтэргэ ааттаппыт, бастыҥ көхтөөх дьоммут, “Гражданскай килбиэн” орден кавалера, Үөһээ Бүлүү улууһун, Нам нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, женкомитет солбуллубат председателинэн үлэлээбит, “Көмүлүөк” түмсүү төрүттээччитэ Раиса Денисовна уонна “Исидор Барахов” аатынан […]

“Уран Иэйии” түмсүү маастар кылааһа сэргэхтик ааста

"Уран Иэйии" түмсүү маастар кылааһа

Бүгүн, сэтинньи 17 күнүгэр, А.Е. Ильина-Дмитриева аатынан культура дьиэтигэр Намнааҕы М.С. Романов аатынан модельнай библиотекаҕа «Уран иэйии» түмсүү СВО байыастарыгар чуни тигиитигэр маастар-кылаас ыытта. Маастар-кылааска түмсүү кыттыылаахтара байыас дьоҥҥо анаан чуни тигии уратыларын, таҥас быһыытын уонна тигии ньымаларын көрдөрдүлэр. Дьарык кыттыылаахтара оҥоһуктары тигэн, түргэнин, судургутун, дьиэҕэ тигиэххэ сөп эбит диэн сэҥээрдилэр. «Уран иэйии» түмсүү ыыппыт […]

Солотуураптыы суруйуу

"Солотуураптыы суруйууга" актыыбынай кыттыыта ылыҥ!

Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ Н. Г. Золотарев – Якутскай төрөөбүт күнүгэр ананар «СОЛОТУУРАПТЫЫ СУРУЙУУ» балаһыанньа Сыала-соруга: Саха сирин норуодунай суруйааччыта Н.Г. Золотарев – Якутскай олоҕун, айымньыларын ааҕарга көҕүлээһин. Ыытыллар кэмэ: сэтинньи 20 күнэ 2026 сыл Ыытыллар миэстэтэ: библиотекаларга, оскуолаларга тус кэлэн кыттыы […]

М.Е.Николаев – человек тысячелетия

М.Е. Николаев - человек тысячелетия

Дорогие друзья! Вы открываете тест, посвящённый человеку, чьё имя неразрывно связано с новейшей историей Республики Саха (Якутия). Михаил Ефимович Николаев — государственный и политический деятель, который стал первым Президентом Республики Саха (Якутия). Его путь — это пример служения родной земле. На посту руководителя региона он стоял у истоков формирования современной государственности Якутии, много сделал для […]

Ытык Наммыт куоластыыр

Ытык Наммыт куоластыыр

Сэтинньи 6 күнүгэр, А.Е.Ильина-Дмитриева аатынан культура сынньалаҥ дьиэтигэр кэлэр 2027 сылга “Олохтоохтор инициативаларын өйүүр программа” (ППМИ) чэрчитинэн  өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бастыҥ бырайыактары талыыга кыттыы туһунан нэһилиэк уопсай мунньаҕа буолан ааста.   Мунньаҕы ытык Наммыт баһылыга Александр Иннокентьевич Кардашевскай иилээн-саҕалаан ыытта. «Олохтоох инициативалары өйүүр программа» (ППМИ-2027) туһунан сырдатта. Быйылгы куоластааһыҥҥа икки бырайыак киирдэ: “Сэрии уонна өрөбөлүүссүйэ албан […]

Дапсы дьыктаана-2026

Дапсы дьыктаана-2026

Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, Төрөөбүт Ийэ тылбыт хараанньыта, сэрии сылын оҕото, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, биһиги биир дойдулаахпыт, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп-Дапсы 90 сааһын туолар үбүлүөйдээх төрөөбүт күнэ. Бу кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ түбэһиннэрэн, 2020 сылтан улууспутугар Дапсы дьыктаана тохтобула суох, алтыс төгүлүн ыытыллар. Дьыктаан саҕаланыытыгар Нам библиотекатын сэбиэдиссэйэ Анастасия Григорьевна Харлампьева Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп туһунан […]

“Сайдыы суолунан – бары бииргэ!”

"Сайдыы суолунан - бары бииргэ!"

Cэтинньи 3 күнүгэр, А. Е. Ильина-Дмитриева аат. Намнааҕы культура сынньалаҥ дьиэтигэр, Сомоҕолоһуу күнүн көрсө Ытык Нам нэһилиэгин үлэһит тэрилтэлэрин икки ардыларыгар “Сайдыы суолунан бары бииргэ” диэн 5 түһүмэхтэн (тэрилтэни билиһиннэрии, патриотическай ырыа, көрөөччүлэргэ оонньуу ыытыыта, өркөн ей викторина уонна үҥкүү) турар күрэх буолла.            Барыта 10 тэрилтэ, 5 холбоһуктаах хамаанданы оҥорон кыттыыны ыллылар:         1 хамаанда: олохтоох […]

“Комсомол – мин дьолум” – быыстапка олохтоох кулуупка

“Комсомол – мин дьолум” - быыстапка олохтоох кулуупка

Күндү ытык Наммыт олохтоохторо уонна ыалдьыттара, бу күннэргэ сырдык, ыраас А.Е.Ильина-Дмитриева аатынан култуурабыт дьиэтигэр ЫБСЛКС тэриллибитэ 108 сылыгар аналлаах, хомсомуол күүрээннээх кэмнэрин кэпсиир интэриэһинэй  быыстапканы кэлэн көрүҥ, сэргээҥ. Маннык тэрээһиннэр эдэр көлүөнэҕэ устуоруйаны билиһиннэрэр, аҕа саастаах көлүөнэҕэ эдэр саастарын эргитэр ураты эйгэни үөскэтэллэр. Быыстапкаҕа өр сылларга хомсомуол кэккэтигэр сылдьыбыт, совхоз араас үлэлэригэр күүрээннээхтик үлэлээбит, эдэр […]

ГЕОГРАФИЧЕСКИЙ ДИКТАНТ-2026

Географичксий диктант-2026

Диктант будет проходить на базе организации- Намская модельная сельская библиотека им.М.С.Романова, в здании Намского Дома культуры им.А.Е.Ильиной-Дмитриевой. Зарегистрироваться в качестве участника возможно по телефону контактного лица +79841181291, Харлампьева А.Г. Распорядок работы площадки 22 ноября: 11:00 — начало работы площадки; 11:00–12:00 — сбор, регистрация участников и выдача бланков; 12:00–12:15 — викторина и инструктаж; 12:15–13:00 — написание […]